Уруу, үбүлүөй, бэлиэ тэрээһин — ыарыы ахсаанын элбэтэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, атырдьах ыйын 7 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев эрэгийиэҥҥэ сыстыганнаах дьаҥынан —  коронавируһунан сутуллуу, ыалдьыы  балаһыанньатын билиһиннэрдэ.

edersaas.ru

Ол курдук, ааспыт сууккаҕа 56 киһи анаалыһа бигэргэннэ. Онтон Дьокуускайга — 46 киһи. Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Нерюнгри улуустарыгар биир-икки ыалдьыбыт киһи бигэргэннэ.

Уопсай көрдөрүү билиҥҥинэн биир тэҥинэн турар.  Сууккка иһигэр 2841 тест оҥоһулунна. Хомойуох иһин, ыараханнык ыалдьар дьон ахсаана эбиллэ турар. Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ 39 ыарахан ыарыһахтан 10  киһи ИВЛ аппараатыгар холбонон сытар. Кэтээн көрүүнэн көрдөххө,  дьиэ кэргэн бэлиэ күннэрин, биир идэлээх дьон, оскуоланы, орто анал, үрдүк үөрэҕи бүтэрбит дьон үбүлүөйдээх көрсүһүүлэрин, уруу, үбүлүөйү бэлиэтээһин кэнниттэн сыстыганнаах дьаҥынан ыалдьыбыт дьон ахсаана хото эбиллэр.  Мииринэйгэ оннооҕор маассабай дьон кыттыылаах кэнсиэри тэрийбит холобурдара баар. Бу маннык тэрээһиннэртэн ыарыынан сутуллуу ахсаана аччаабат, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана оҕо оскуолаҕа киирэр кэмэ чугаһаабытынан сибээстээн, оҕо доруобуйатын харыстыыр туһугар оскуолалары үөрэх дьыла саҕаланыытыгар бэлэмнээһиҥҥэ, кирииптэн прививкэлээһиҥҥэ улахан болҕомтону уурары наадалааҕын ыйда.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0