Ыарыһаҕы босхо көрөр-истэр балыыһа ахсаана элбээтэ

Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховка (БМС) чэрчитинэн 109 эмтиир тэрилтэ үлэлиир.

2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн БМС чэрчитинэн үлэлиир мэдиссиинискэй тэрилтэлэр реестрдэригэр өссө 10 эмтиир тэрилтэ киллэрилиннэ. Бу уон тэрилтэттэн 9 чааһынай тэрилтэ урут БМС систиэмэтигэр киирбэтэ уонна ыарыһахтары босхо көрбөтө.

Онон, ыарыһахтары босхо көрөр, эмтиир тэрилтэлэр ахсааннара өссө элбээбитэ эмтэнээччилэргэ үчүгэй эрэ өттүнэн дьайыаҕа.

БМС чэрчитинэн ханнык балыыһалар үлэлииллэрин туһунан иһитиннэриини СӨ доруобуйа харыстабылын Биир кэлим хантаак-киинигэр 8 800 100 14 03 нүөмэргэ эрийэн билсиэххэ сөп.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0