Араас иччилээх, абааһылаах оскуолалар, балыыһалар тустарынан төһөлөөх кэпсээн, үһүйээн кэпсэммитин киһи ааҕан сиппэт! Эмиэ биир оннук түбэлтэни былырыын биир балыыһа үлэһитэ кыыстан, сиэстэрэ Сибиэтэттэн, истэн турардаахпын.
Сибиэтэ күн өрүү-өрүү дьуһуурустубата буолан, сытар ыарыһахтары көрө-истэ үлэтигэр хоноро. Биир киэһэ дьонугар эмтэрин-томторун түҥэтэн, укуолларын, систиэмэлэрин туруоран баран, быраастар хосторугар киирэн, дьыалатын-куолутун сурукка тиһэ олордоҕуна, ыкса балаататтан олус улахан хаһыы иһиллибитэ. Сибиэтэ онно сүүрэн тиийбитэ, ыараханнык ыалдьа сытар эмээхсин оронуттан ойон туран, хайа да диэки хамсыан булбакка, хараҥаҕа харбыалаһа сатыы тураахтыыр эбит. Сиэстэрэ кыыс хос уотун уматан, эмээхсини олордон, уоскутар эми иһэрдэн баран, аттыгар кэтээн олорон утуппут. Сарсыныгар эмээхсин ыарыыта өссө бэргээн, «бу ороҥҥо утуйбаппын» диэн кыккыраччы аккаастаммытын атын ороҥҥо көһөрбүттэр.
Ити кэнниттэн икки күн биллибэккэ ааспыт. Кыыс үлэтин күнэ эмиэ тирээн кэлбит. Ол күн эмээхсин сыппыт оронугар саҥа ыарыһах киирбит. Үгэс курдук, быраас анаабыт эмтэринэн эмтээн, аһатан-сиэтэн, утутан баран, көрүдүөр устун хаама сырыттаҕына, эмиэ ол хостон киһи ыар хаһыыта иһиллибит. Киирэн көрбүтэ, саҥа киирбит ыарыһах уол дэлби салҕалас буолуор диэри куттанан, хараҕын мэндээриччи көрөн, хостон тахсар ааны былдьаһан эрэр эбит. Балаатаҕа сытар ыарыһахтар бары саҥа нуктаан иһэн уол хаһыытыттан уһуктан кэлбиттэр, соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолбуттар.
Сибиэтэ «тыый, бу иккис күммүн субуруччу табыллыа суохпун» дии санаан, ханан миэстэ баарынан ыарыһахтары атын хосторго көһөрбүт.
Сарсыныгар биир ороҥҥо утуйа сылдьыбыт уоллаах эмээхсини ыҥыран, быраастар туох буолбутун токкоолоспуттар. Арай иккиэн биир кэпсээннээх буолан соһуппуттар. Ол курдук утуйан истэхтэринэ, бытыктаах хара киһи «бу ороҥҥо сытымаҥ, өлөр өлүү илдьэ барыа!» диэбитинэн, үрдүлэригэр саба түһэ сатыыр үһү. Ол хайдах-туох киһитин ыйыталаспыттара, үс ый анараа өттүгэр ыарахан ыарыыттан эрэй бөҕөнү көрөн, быраас бөҕөнү аймаан, ити ороҥҥо сытан анараа дойдуга аттаммыт эр киһи дьүһүнүгэр маарынныыр буолан биэрбит.
Аҕыйах кэм устата ол ороҥҥо биир да ыарыһаҕы сытыарбакка сынньаппыттар. Араас көрбүөччүнү, норуот эмчиттэрин ыҥыран ыраастаппыттар. Олор этэллэринэн, олус ыарахан куттаах киһи сытан барбыт эбит.
“ВКонтакте” социальнай ситим “Абааһылаах, иччилээх үһүйээннэр” бөлөҕүттэн туһанылынна.