Ярыгин турнирыгар уолаттарбыт хайаһыахтарай? (күрэхтэһии бырагыраамата)

23.01.2020
Бөлөххө киир:

Биллэрин курдук, тохсунньу 23-26 күннэригэр Красноярскай куоракка көҥүл тустууга икки төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөн Иван Ярыгин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы Гран-при турнир XXXI төгүлүн ыытыллар. Балаһыанньа быһыытынан бу түһүлгэҕэ Арассыыйа хамаандатыттан бастыҥнар эрэ кытталлара былааннанар. Бу турнир Европа чөмпүйэнээтигэр сүүмэрдиир түһүмэҕинэн буолуоҕа.

Былырыыҥҥы турнирга саха тустууга оскуолатын түөрт иитиллээччитэ – Арыйаан Тютрин, Семен Владимиров, Эдуард Григорьев, Николай Охлопков (Румыния) тустубуттара. Ол курдук, 61 киилэлээхтэргэ күрэстэспит Эдуард Григорьев үһүс буолбута, оттон Румыния былааҕынан тустубут Николай Охлопковпыт эмиэ бу ыйааһыҥҥа иккис миэстэҕэ тахсыбыта.

Оттон быйыл бу дьоһун күрэхтэһиигэ Саха сирин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандата маннык састааптаах кыттыаҕа:

57 киилэҕэАрыйаан Тютрин, Петр Копылов, Алексей Копылов, Петр Константинов, Егор Потапов, Георгий Окороков. Ону таһынан бу ыйааһыҥҥа Македонияттан саха тустууга Владимир Егоров киирсиэҕэ;

61 киилэҕэНьургун Александров, Петр Павлов;

65 киилэҕэВиктор Рассадин, Айсен Потапов;

70 киилэҕэ Револий Самсонов;

92 киилэҕэНьургун Сергин;

97 киилэҕэМаксим Толмачев.

Красноярскайга маны сэргэ кыргыттар эмиэ кытталлара күүтүллэр: Александра Карамзина, Севиль Назарова, Алина Казымова.  

Күрэхтэһии бырагыраамата (Саха сирин бириэмэтинэн):

Тохсунньу 23 күнэ, чэппиэр
10:30-11:00 – Медкөрүү уонна ыйааһын. Дьахталлар – 50, 55, 59, 65 кг, эр дьон – 57, 61, 70 кг.
13:00-18:00 – Барыллаан хапсыһыылар. Дьахталлар – 50, 55, 59, 65 кг, эр дьон – 57, 61, 70 кг.
18:00-18:30 – Сэрэбиэй. Дьахталлар – 53, 57, 62 кг, эр дьон – 65, 79, 125 кг.
19:00-21:00 – Финалга тахсар иһин хапсыһыылар. Дьахталлар – 50, 55, 59, 65 кг, эр дьон – 57, 61, 70 кг.

Тохсунньу 24 күнэ, бээтинсэ
10:15-10:30 – Ыйааһыннаныы. Дьахталлар – 50, 55, 59, 65 кг, эр дьон – 57, 61, 70 кг.
10:30-11:00 – Медкөрүү уонна ыйааһыннаныы. Дьахталлар – 53, 57, 62 кг, эр дьон – 65, 79, 125 кг.
13:00-19:00 – Эрэхтээх хапсыһыылар. Дьахталлар – 50, 55, 59, 65 кг, эр дьон – 57, 61, 70 кг;
Финалга тахсар иһин хапсыһыылар. Дьахталлар – 53, 57, 62 кг, эр дьон – 65, 79, 125 кг.
19:00-19:30 – Сэрэбиэй. Дьахталлар – 68, 72, 76 кг, эр дьон – 74, 86, 92, 97 кг.
19:30-20:15 – Күрэхтэһии үөрүүлээх арыллыыта.
20:15-22:15 – Финал. Дьахталлар – 50, 55, 59, 65 кг, эр дьон – 57, 61, 70 кг.
22:15-22:45 – Наҕараадалааһын.

Тохсунньу 25 күнэ, субуота
10:15-10:30 – Ыйааһын. Дьахталлар – 53, 57, 62 кг, эр дьон – 65, 79, 125 кг.
10:30-11:00 – Медкөрүү уонна ыйааһыннаныы. Дьахталлар – 68, 72, 76 кг, эр дьон – 74, 86, 92, 97 кг.
13.00-20.00 – Эрэхтээх хапсыһыылар. Дьахталлар – 53, 57, 62 кг, эр дьон – 65, 79, 125 кг.
Финалга тахсар иһин хапсыһыылар. Дьахталлар – 68, 72, 76 кг, эр дьон – 74, 86, 92, 97 кг.
20.00-22.00 – Финал. Дьахталлар – 53, 57, 62 кг, эр дьон – 65, 79, 125 кг.
22.00-22.30 – Наҕараадалааһын.

Тохсунньу 26 күнэ, өрөбүл
10:45-11:00 – Ыйааһыннаныы. Дьахталлар – 68, 72, 76 кг, эр дьон – 74, 86, 92, 97 кг.
13:00-15:00 – Эрэхтээх хапсыһыылар. Дьахталлар – 68, 72, 76 кг, эр дьон – 74, 86, 92, 97 кг.
15.00-18.00 – Финал. Дьахталлар – 68, 72, 76 кг, эр дьон – 74, 86, 92, 97 кг.
18.00-18.30 – Наҕараадалааһын.

Күрэхтэһиини «Енисей», «Матч!Боец» уонна «Матч!Страна» телеханаалларга быһа көрүөххүтүн сөп.

Айтана Аммосова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0