“Яровая сокуоннара”: бастакы буруйдаах билиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта Астрахань куораттааҕы суута Улугбек Гафуровка РФ ХК 205.6 ыстатыйатынан буруйдуур бириигэбэри таһаарда. Бу туһунан «Национальная служба новостей» суруйар. Билэргит курдук, бу ыстатыйаҕа “Яровая пакета” дэнэр икки саҥа федеральнай сокуонунан уларытыылар киллэриллибиттэрэ.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

Силиэстийэ быһаарбытынан, Гафуров кини билэр киһитэ Равшан Акбаров боевиктар лааҕырдарыгар буруйу оҥорууга анал бэлэми ааспытын, кэлин террористар кэккэлэригэр сэриилэспитин туһунан быраабы араҥаччылыыр уорганнарга кэмигэр тыллаабатах. Суут уурааҕынан Гафуров 70 тыһыынча солкуобайынан ыстарааптанна. Онон кини “Яровая сокуонунан” (террористическай хайысхалаах буруйу оҥорууну тыллаабатаҕын иһин) буруйдаммыт бастакы киһинэн буолла. Оттон Равшан Акбаров бэйэтэ былырыын ахсынньыга Ростов-на-Дону куоракка сууттанан аҕыс сыл холуонньаҕа ууруллубут.

Манна даҕатан эттэххэ, былырыын сайын Пермь олохтооҕо эмиэ “Яровая сокуонунан” (нацизмы реабилитациялааһын иһин) РФ ХК 354.1 ыстатыйатын 1 чааһынан буруйдааҕынан билиниллэн, 200 тыһыынча солкуобайынан ыстарааптаммыта.

Санатар буоллахха, норуокка “Яровая сокуоннара” диэнинэн биллэр терроризмы бохсууга туһуламмыт сокуоннар 2016 сыл от ыйын 20 күнүгэр ылыныллыбыттара. Бу сокуоннар ааптардарынан Судаарыстыбаннай Дуума куттал суох буолуутугар, хоруупсуйаны утарыыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Ирина Яровая уонна Федерация Сэбиэтин оборонаҕа кэмитиэтин салайааччы Виктор Озеров буолаллар.

Сокуоннары көтүрэргэ диэн былаас уорганнарыгар көрдөһүү сурукка Арассыыйа 100 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо илии баттаабыта. Чуолаан сибээс оператордарын итиэннэ “информацияны тарҕатыыны тэрийээччилэри” туһанааччылар биэрбит бары дааннайдарын харайан иһэллэригэр дьаһайыы дьон абардыбыта. Ол эрэн экспертэр оробуочай бөлөхтөрө саҥа сокуоннар Конституцияны (Төрүт Сокуону) утарбаттар, киһи быраабын кэспэттэр диэн түмүк оҥорбута, сокуоннары көтүрүүнү адьас табыллыбатынан аахпыта.

“Яровая сокуоннарынан” киллэриллибит көннөрүүлэринэн быраабы араҥаччылыыр уорганнар боломуочуйалара кэҥэтиллибитэ, сибээс оператордарыгар, интернет-бырайыактарга итиэннэ почта сибээһин оператордарыгар, экспедитордарга саҥа ирдэбиллэр туруоруллубуттара, итэҕэл, миссионер үлэтин салайыы күүһүрдүллүбүтэ.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0