“Анал быыстапкам турда… «Мацурига” аһыллыытыгар ыҥырабын”, — диэн дьүөгэм, айар үлэм доҕоро, суруйааччы, суруналыыс уонна биллиилээх фотограф Оксана Манчурина миигин бэҕэһээ Япония туһунан “Якутия – Япония: точки соприкосновения» диэн ааттаах тус быыстапкатыгар ыҥырда.
Икки ый анараа өттүгэр эдэр суруйааччылар сийиэстэригэр сылдьан, түһэрбит хаартыскаларын эбиэт кэмигэр көрдөртөөбүтэ. Мин көрдөхпүнэ, олох глянцевай сурунаалга тахсыахтаах хаартыскалар дьүөгэм төлөпүөнүгэр кистэнэ сылдьаллара. Онно кини «Быыстапка тэрийэр туһунан толкуйдуубун…”, — диэбитэ.
“Мацури” эркиннэригэр анаммыт курдук дьүөгэм түһэртээбит Япония туһунан ураты хаартыскалара кэккэлэспиттэр. Оксана кэлбит ыалдьыттарга барыларыгар хас биирдии хаартыска устуоруйатын сиһилии сырдатта. Сорох хаартыскаларга киһи инникини көрөр, ол курдук, аныгы тиэхиньикэлэртэн көтөр массыына бырайыага, “МотоШОУ”-тан сэргэх хаартыскалар элбэхтэр. Саха сирин маанылаах сайына Аммаҕа, дьоппуоннар кэнсиэртии кэлбиттэрин көрдөрөр хаартыскалар, биһиги Сахабыт сирин Япония энциклопедиятыгар хайдах-туох үөрэтэллэрин көрдөрөр хаартыскалар дэлэйдэр. «Сатоси из Хоккайдо играет на симисэн» диэн хаартыска киһи болҕомтотун тарта. Сатоси диэн ХИФУ-га үөрэнэ сылдьыбыт дьоппуон уола төрүт муусука үнүстүрүмүөнүгэр оонньуу турарын үйэтиппит. «Мегаполис, сохранивший свою традиционную культуру» диэн хаартыскатыгар Токио куорат балысханнык сайдан, халлааҥҥа харбаһар тутууларын кытта кинилэр төрүт култууралара өлбөөдүйбэтэҕин хаартыскаҕа түһэрбитин бары да сэргээтибит.
Оксана Манчурина, суруйааччы, суруналыыс :
— Быыстапкалыыр санаа ахсынньы ыйтан үөскээбитэ. Тоҕо эрэ бастаан Франция туһунан оҥоруохпун баҕарбытым. Тоҕо диэтэххэ, Францияҕа сылдьан түһэрбит үлэм элбэх. Дьокуускай куоракка францзускай кофейнялары эҥин ыйыта сылдьыбытым. Сөбүлэһэллэр этэ эрээри, дьыала уһаан-кэҥээн испитэ. Ону кэмэ илик буоллаҕа дуу дии санаабытым. Онтон бу бэс ыйын саҕаланыыта төбөбөр арай «Мацурига” Японияҕа сыһыаннаах, Саха сирин уонна Японияны туох ситимниирин туһунан көрдөрүөхпүн сөбүн толкуйдаан баран, “Мацури” үлэһитэ Кира Ефремоваҕа сибээскэ тахсыбытым. Кинилэр тута сөбүлэһэн, быыстапкам арыллыыта буолла.
Хаартыскаларым эрэстэрээҥҥэ үс сиринэн ыйаннылар. Уопсайа 28 хаартыска быыстапкаҕа турда. Дьиҥэр, Японияҕа сыһыаннаах хаартыска элбэх эрээри, саамай үчүгэйдэрин талан таһаардым. Мин хамсык буолуон эрэ иннинэ 2019 сыллаахха Токиоҕа бара сылдьыбытым. Ханнык да атын дойдуга майгыннаабат «параллельнай Вселеннайга» бара сылдьыбыт курдук сананабын. Ордук Одайба арыыга баар Мираикан (Музей будущего) мусуойга көрбүтүм-истибитим өйбөр кытаанахтык хатаммыт. Ол курдук, ASIMO робот-гуманоиды көрдөрдөрөр кэмнэригэр түбэспиппит. Дьоппуоннар уопсайынан роботтарга оһуобай сыһыаннаахтарын бэлиэтии көрбүтүм. Холобур, атыы-эргиэн киинин иннигэр улахан да улахан Гандам сөхтөрбүтэ. Отуччалыы мүнүүтэ буола-буола робот тиллэн кэлэр этэ. Кинилэр роботторы олохторугар хото туһаналлар эбит. Холобур, балыыһаҕа сытар ыарыһахха быраастары, сиэстэрэлэри ыҥырар анал роботтар бааллар. Кырдьаҕастар дьиэлэригэр эттэрин-сииннэрин эрчийэр, сааратар киһилии быһыылаах-таһаалаах роботтар үлэлииллэр. Олор хаартыскалара эмиэ манна быыстапкаҕа турда.
Бэс ыйын 10 күнүттэн Япония икки сыллааҕы хамсыгынан сибээстээн сабыллан турбут кэмиттэн дьэ тахсан, бу омук дьонун туристарын бэйэтин сиригэр-уотугар киллэрэр туһунан иһитиннэрбитэ. Ол иһин быыстапкам онно эмиэ сыһыаннаах буолла. Быыстапканы көрөн баран, Японияҕа барар санаа өссө күүһүрдүн диэн сыаллаах-соруктаах, сылдьыбыт дойдуларбар аналлаах бөлөҕүнэн хаартыскалар бааллар, ол курдук Франция, Кытай, Кэриэйэ курдук дойдуларга сылдьан үйэтиппит хаартыскам элбэх.
Быһата, Оксана Манчурина хаартыскатын быыстапкатынан бэҕэһээ мустубут дьон Японияҕа ыалдьыттаан кэлбит курдук сананныбыт. Дьүөгэм талааныгар сүгүрүйдүм. Үлэ үөһүгэр сылдьар, оҕолоох-уруулаах Оксанам быыс булан, тус хоббитын олоххо киллэрэр дьулуурдаах санаатын хайҕыы санаатым. Оксана Манчурина быыстапкатыгар сылдьан көрүҥ, сэргээҥ.