Арассыыйаҕа үлэлиир Япония бөдөҥ хампаанньалара санкцияларга холбоһор туһунан ыҥырыыны бэрт тоҥуйдук ылыммыттара көстөр.
Бүгүҥҥү туругунан Арассыыйаҕа үлэлиир 168 хампаанньаттан баара-суоҕа 4 эрэ тэрилтэ (2,4%) үлэтин тохтоторун туһунан биллэрбит. Массыына оҥорор Toyota уонна Nissan, массыына эрэһиинэтин оҥорор Bridgestone фирмалар “быстах кэмҥэ үлэлэрин тохтотоллорун” туһунан биллэрбиттэрэ. Маҕаһыыннарын сабарын туһунан таҥас атыылыыр Uniqlo (улахан күһэйии кэнниттэн) биллэрбитэ. Kyodo агентство этэринэн, дьоппуон урбаанньыттара тосту уларыйыылаах быһаарыныыны ыларга тиэтэйэргэ үөрүйэхтэрэ суох, онон атын табаар оҥорооччуларга ырыынагы босхо туран биэрэр санаалара суох.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1