Японецтар ууну ыраастыыр былааннаахтар

16.03.2017
Бөлөххө киир:

Билигин Дьокуускай куорат олохтоохторо Сыырдаах сибиэһэй помидорун кыс ортото маҕаһыынтан атыылаһар кыахтаннылар. Ол курдук, былырыын өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата Япониятааҕы «Хоккайдо Корпорейшн» хампаанньаны кытары сөбүлэһии түһэрсэн, нэһилиэнньэ сылы эргиччи сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыллар кыахтанна.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Бу күннэргэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, экономика миниистирэ Алексей Стручков Япония дэлэгээссийэтин, ол иһигэр «Хоккайдо Корпорейшн» генеральнай дириэктэрэ Юкио Тэмманы кытары көрүстэ. Кэпсэтии «Город умного земледелия» бырайыак тула таҕыста.

Тойон Юкио Тэмма Сыырдаахха үлэлии турар тэпилииссэ үлэтин хайҕаата. Ол курдук, Саха сирэ уонна Япония кыттыгас бырайыактара билигин таһаарыылаахтык үлэлии турарын таһынан, 2020 сылга диэри бу тэпилииссэҕэ оҕуруот аһын үс аҥаар гектарга тиийэ олордуохтаах.

Дэлэгээссийэ састаабыгар киирсэн, өссө «JFE Engineering Corporation» хампаанньа Хоккайдотааҕы филиалын салайааччытын солбуйааччы Томоюки Андо кэлэн, ууну ыраастыыр салааҕа бииргэ үлэлэһэр баҕалааҕын иһитиннэрдэ. Онуоха вице-премьер Алексей Стручков уу боппуруоһа тыын суолталааҕын бэлиэтээтэ уонна бу боппуруоһу хайаан да үөрэтэн көрүөҕүн эттэ.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0