Ыанньыксыттар, сылгыһыттар биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтаахтар

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи отделениета улуустартан үлэһиттэрин ыҥыран мунньахтаата. Салайааччы Георгий Степанов биэнсийэ сааһа тоҕо үрдүүрүн туһунан быһаарда.


Сокуон барыла Госдумаҕа от ыйын 19 күнүгэр бастакы ааҕыыга көрүллүөхтээх. Онуоха диэри көннөрүүлэри, эбии этиилэри киллэриэххэ сөп. Сокуон барылын хайдах баарынан ылыннахтарына, Арассыыйаҕа эр дьон биэнсийэҕэ тахсыылара 5, дьахталларга 8 сыл уһаан биэрэр.

Георгий Степанов этэринэн, бу реформа буолбатах, уларытыы эрэ. Биэнсийэ реформата 2002 с. буолбута.

Сокуон барылын сүрүн сыала — биэнсийэнэн хааччыйыы таһымын (кээмэйин) үрдэтии буолар. Билиҥҥи экономика усулуобуйатыгар аҥардастыы утарыы эрэ сыыһа. Сокуон барылыгар уларытыылары, этиилэри киллэрэргэ үлэлиэххэ наада.

2030 сылга биэнсийэ 1,5 тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһиэхтээх этэ. Ол онтон ыраахпыт. Хамнас үрдүүр эрээри, биэнсийэ кээмэйэ хаалан иһэр. Биэнсийэлээх ахсаана элбээн иһэр, ол киһи олоҕо уһаабытынан быһаарыллар.

Демографияны ылан көрөр буоллахха, сэрии кэнниттэн 60-с сылларга элбэх оҕо төрөөбүтэ. Кинилэр билигин биэнсийэҕэ олороллор. Оттон үлэһит ахсаана аҕыйыыр – 90-с сылларга аҕыйах оҕо төрөөбүтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ орто саас — 71 сыл, дьахталларга – 76, эр дьоҥҥо 65,8. Ол эрээри орто сааска кыра оҕолор, эдэр дьон өлүүлэрэ эмиэ ааҕыллар, онон биэнсийэ кэнниттэн ортотунан 24,5 сыл олороллор.

Хотугу чэпчэтиилэр оннунан хааллылар. Саха сиригэр 58 уонна 60 саастарыгар тахсар буолуохтара. Хотугу ыстаастаах 2 оҕолоох ийэлэри, табаһыттары, булчуттары бу уларыйыы таарыйбат. 

2010 сыллаах биэрэпис көрдөрөрүнэн, 263 тыһ. дьахтар иккиттэн элбэх оҕолоох. Эр дьон 20%-ра эмиэ эрдэ тахсыахтара – бу булчуттар, табаһыттар, балыксыттар, шахтердар, о.д.а. — диэн эттэ.

Георгий Михайлович бу кылгас кэм иһигэр дьоҥҥо өйдөтүү үлэтин күүскэ ыытарга ыҥырда.

Оттон вице-премьер Ольга Балабкина этэринэн, 50-60 саастаах дьон биэнсийэни эбии харчы курдук көрөллөр, үлэлэриттэн тохтооботтор. Ил Түмэн, бырабыыталыстыба сокуон барылыгар этиилэри киллэрэргэ үлэлэһэллэр. Холобур, чуум үлэһиттэрэ, сылгыһыттар, ыанньыксыттар эмиэ эрдэ тахсалларын курдук, этиилэри киллэриэхтээхтэр. Ону Госдума ылынара-ылыммата биллибэт.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0