Ыам ыйынан билгэлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыам ыйа – Иэйэхсит ыйа. Халлаан лаппа сылыйар, хаар ууллар, от-мас көҕөрөр, үөн-көйүүр тиллэр. Өбүгэлэрбит айылҕа уһуктар кэмигэр – ыам ыйыгар күнү-дьылы балачча билгэлээн көрөллөрө. Ханныктарый?

edersaas.ru

— Ыам ыйа ардахтаах буоллаҕына, балаҕан ыйыгар кураан буолар.

— Саас кэҕэ Ньукуолун төһө иннинэ эрдэ этэр да, соччонон үтүө, өҥ сайын буолар.

— Саас сир кырса хаар анныттан көҕөрөн таҕыстаҕына, үчүгэй, өҥ сайын кэлэр.

— Саас хаар бытааннык ууллар буоллаҕына, сайына ардахтаах, ичигэс, хаһыҥа суох буолар.

— Саас эрдэ бытархай, хара өҥнөөх кумаардар элбэхтик көттөхтөрүнэ, өҥ, үтүө сайын кэлэр.

— Сааскы кус этэ эмис буоллаҕына, сааскыта тымныы уонна уһун буолар.

— Ньургуһун биир олохтон хойуутук (14-15) үүннэҕинэ, кэлэр сайын өҥ, үүнүүлээх буолар.

— Ньургуһун саас эрдэлээн тахсан иһэн кэҕиннэҕинэ, кэлэр сайын тыаллаах-куустаах, хаҕыс, кураан буолар, өрт уота элбиир.

— Ньургуһун сэбирдэҕэ улахан уонна ньалҕаархай буоллаҕына, үчүгэй сайын буолар.

— Ньургуһун хойуутук тахсыбыт эбэтэр сайын сибэкки арааһа элбэх буоллаҕына, күһүнүгэр сир аһа өлгөм буолар.

— Ньургуһуна суох, үрүмэччи аҕыйах сааһыгар хара хапсыырдаах, тымныы, хаҕыс саас буолар.

— Ньургуһун, алтан от сааһыары сайын иккистээн таҕыстахтарына, өҥ сайын кэлэр.

“Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр” (И.Сосин, И.Неустроев) кинигэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0