“Ыам ыйынааҕы” ыйаахха ханнык үлэһиттэр хапсаллар?

Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2012 сыллаахха дуоһунаһыгар киирэригэр РФ бырабыыталыстыбатын иннигэр туруорбут соруктардаах “ыам ыйынааҕы” ыйааҕын чэрчитинэн, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһа балайда да үрдээбитэ. Бу ыйаахха ханнык үлэһиттэр киирэллэрий?

Бу ыйаахха бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрэ – наука, култуура, мэдиссиинэ, педагогическай, социальнай үлэһиттэр, үрдүк уонна орто профессиональнай үөрэҕирии преподавателлэрэ киирсэллэр.

Бу категория үлэһиттэрин хамнастара орто үлэ дохуота (средний трудовой доход) диэн эрэгийиэҥҥэ олохтоммут көрдөрүүттэн (100 уонна 200%) тутулуктаах.
“Ыам ыйынааҕы” ыйаахха ыйыллыбытынан, хамнас таһыма орто үлэ дохуота кээмэйин 100 уонна 200%-гар тэҥнэһиэхтээх.

2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бу үлэһиттэр хамнастара категорияттан уратыланан, 3-тэн 16%-ҥа диэри үрдээбитэ.

2022 сылга бу “ыам ыйынааҕы” ыйаахха киирбит бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара орто үлэ дохуотун (СТД) көрдөрүүтүгэр тирэҕирэн, эмиэ үрдүөҕэ диэн СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: russiаn.rt.com

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0