Ыам ыйын бастакы дэкээдэтигэр Өлүөнэ, Алдан уонна Амма өрүстэргэ муус хамсыа

Бөлөххө киир:

Саас кэлэн халлаан лаппа сылыйан эрэр. Онон икки ыйтан ордугунан Сахабыт сирин маанылаах өрүстэрэ 8 ый устата баттатан сыппыт халыҥ муустарыттан төлөрүйэннэр күрүлүү-харалыы устуохтара турдаҕа. Билигин  аан дойду үрдүнэн балаһыанньа уустук соҕус кэмигэр өрүстэрбит “уордайбакка”, көмүөллэрэ этэҥҥэ ааһалларыгар эрэниэххэйиҥ.

Быйыл сүрүн өрүстэрбит муустара хаһан хамсыырын туһунан «Ленарегионводхоз» тэрилтэ филиалын дириэктэрэ Александр Аржаковтан ыйыталаспыппар, “Билиҥҥи туругунан, муус устар ый лаппа сылыйыа диэн эттилэр. Ол курдук, салгын температурата нуорматтан 1-2 кыраадыс үрдүүрэ күүтүллэр.

Арассыыйатааҕы  гидрометсулууспа иһитиннэрбитинэн,  ыам ыйын бастакы дэкээдэтигэр Өлүөнэ, Алдан уонна Амма өрүстэргэ муус хамсыа. Ыам ыйын иккис дэкээдэтигэр Өлүөнэ, Амма, Алдан сүнньүгэр муус сыҕарыйыа. Ыам ыйын үһүс дэкээтэтигэр Саха сирин хотугу өттүгэр сытар Дьааҥы, Индигиир уонна Халыма өрүстэрэ  босхолонуохтара.

Көмүөл мууһа куттала суох ааһарын туһугар Ленскэй, Хаҥалас, Нам, Кэбээйи, Үөһээ Халыма уонна Орто Халыма  оройуоннарын уонна Дьокуускай куорат тустаах учаастактарыгар, мууһу кэбирэтии үлэлэрэ бэрт сотору саҕаланыахтара. Сааскы халаан кэмигэр Өлүөнэ өрүс үөһээ сүнньүгэр уу нуорматтан кыра буолара сабаҕаланар. Ол эрээри,  Саха сирин үгүс өрүстэригэр уу таһыма нуорманы таһынан барара күүтүллэр. Быйыл улахан болҕомтону Үөһээ Халыма уонна Орто Халыма оройуоннарыгар ууруохпут.  Муус хойуутук устан, харыы тахсар түгэнигэр, нэһилиэнньэлээх пууннары халаан уута ылыан сөп”, — диэн эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0