Ыам ыйын 6 — 8 күннэригэр үлэ төлөбүрүн ааҕыы

Бөлөххө киир:

Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ ыам ыйын 6 — 8 күннэригэр үлэ төлөбүрүгэр маннык быһаарыылары биэрэр.

edersaas.ru

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан, кулун тутар 30 күнүттэн муус устар 30 күнүгэр диэри уһун өрөбүл күннэр биллэриллибиттэрэ. Онтон муус устар 30 күнүгэр Путин бу күннэри уһатан биэрбитэ. Уһун өрөбүллэргэ хамнас төлөнөр. Ол гынан баран биири өйдүөххэ наада,  бу  өрөбүл уонна бырааһынньык күннэрэ буолбатахтар, онон үрдүк кээмэйинэн төлөммөттөр.

РИА-новости суруйарынан, хамнас бу иннинээҕи ыйга курдук төлөнүөхтээх.

Эбии ыйытыылары  СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ арыйбыт суһал нүөмэригэр эрийэн ыйыталаһыаххытын сөп: 8800 100 14 03.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0