Ыам ыйын 27 күнэ – Бүтүн Россиятааҕы Бибилэтиэкэ күнэ

27.05.2017
Бөлөххө киир:

Аныгы бибилэтиэкэ хайдах буолуохтааҕый? Быдан  кэмнэртэн  силис  тардар, билиини, информацияны биэрэр үнүстүтүүттэн  кини туох уратылааҕый? Уонунан эрэ сыллар анараа өттүлэригэр бибилэтиэкэ сүрүн  соругунан  информацияны харайан уура сылдьан, ааптартан ааҕааччыга тиэрдии эрэ этэ эбээт. Бүгүн ыллар хардыынан сайда турар техническэй прогресс  туох баар тэрилтэлэргэ барыларыгар, ол иһигэр бибилэтиэкэлэргэ эмиэ, бэйэтин уларытыыларын киллэрэр.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Онон, биһиги  бэрт  үрдүк  тэтимнээх кэммитигэр үлэлиир аныгы бибилэтиэкэ хайдах буолуохтааҕый? Бу ыйытыыны  бүгүн өрөспүүбүлүкэ эдэр бибилэтиэкэрдэригэр биэрэбит.

Ирина Артеменко, Мирнэй куораттааҕы Киин бибилэтиэкэ сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ:

— Биллэрин курдук, бүгүҥҥү  ааҕааччы  баһыйар үксэ интернеккэ быһа тахсар гаджеттаах.  Google биирдэ-иккитэ баттаатыҥ да – хайа баҕарар кэриэтэ ыйытыыгар хоруй ылыаххын сөп. Ону таһынан, баар сыһыарыыларынан киирэн, интернеты туһанааччылары кытта бэйэҥ уопуккун үллэстэр кыахтааххын.

Дьэ, ол иһин, аныгы бибилэтиэкэ бэйэтин ааҕааччытыгар,  бибилэтиэкэттэн атын сиргэ ханна даҕаны суоҕу  эмиэ биэрэ  сатыахтаах. Манна киириэхтэрин сөп: интернеккэ баар информация киһи ирдэбилигэр толору кыайан эппиэттээбэт буоллаҕына, уустук  ыспыраапкалары  булан  биэрии; кыраайы үөрэтиигэ  аналлаах, интернеккэ суох кэриэтэ информациялары биэрии; интернет ааҕааччыга  хаһан даҕаны биэрэр кыаҕа суох  эмоциональнай  өрө көтөҕүллүүнү  үөскэтэр араас интеллектуальнай викториналар, оонньуулар. Уонна саамай  сүрүнэ, аныгы бибилэтиэкэ, бу —  дьон бэйэ-бэйэтин кытта быһаччы алтыһар сирэ. Оннооҕор, өскөтүн көннөрү көрөөччү-истээччи да быһыытынан  кэлэн олорор буоллаҕына, кини — буола турар тэрээһин  кыттыылааҕа.

Марианна Соловьева, Намнааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ:

—Былырыын, РФ култууратын биир бастыҥ тэрилтэтин быһыытынан, биһиги бибилэтиэкэбит федеральнай субсидияны ылбыта. Онон сибээстээн, интерьербитин саҥартыбыт. Оҕо саҥаны, интэриэһинэйи ордук сөбүлүүр. “Оҕо уонна Кинигэ” фотобырайыакпыт  “Библиотека в лицах”  диэн норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска кыайбыта уонна ситиһиилээхтик олоххо киллэриллибитэ. “Шалунья Нулгынет”  кинигэ  буктрейлерэ  “Социальные медиа и библиотеки”   Сибиирдээҕи VIII библиотечнай форум чэрчитинэн Россия бибилэтиэкэлэрин видео-үлэлэрин куонкуруһун финалиһынан буолбута. Ити курдук, биһиги мэлдьи үлэ саҥа көрүҥнэрин  көрдөөн, булабыт.

Информационнай технологиялар күүскэ сайда турар кэмнэригэр, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, биһиги бибилэтиэкэбит Интернет-ресурсаларга  эмиэ бэйэтэ миэстэлээх. Бэйэбит сайттаахпыт, социальнай ситимнэргэ страницалардаахпыт. Ол аата, ааҕааччыбыт ханна баар  да – онно биһиги баарбыт. Ол сөп дии саныыбын. Бүгүҥҥү информационнай технологиялары кытта күрэстэспэккэ, кинини кытта иллээх буолар уонна  сырдатар үлэбитигэр сөптөөхтүк туһанар наадалаах.

Василий Борисов, CӨ Национальнай  бибилэтиэкэтин  дириэктэрин солбуйааччы:

— Интернеккэ  сыһыан  билигин  даҕаны сэрэхтээҕин  билинэбин. Ол гынан баран, “Интернет бибилэтиэкэни өлөрүө”, биитэр, “Интернет баар буолтун кэннэ бибилэтиэкэ туохха наадалааҕый” диэх курдук  санаалар оруна суохтар.

Манна, мин санаабар,  холобур,  улахан айдааны тарпыт “синий кит” курдук  омсолоох  чахчыларынан  Аан дойду ситимэ бэйэтин репутациятыгар  күлүгү түһэрдэ…

Уопсайынан, Интернети биһиги  информацияны тиэрдиигэ олус көдьүүстээх ханаал быһыытынан ылыныахтаахпыт.

Бүгүн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ  киэҥ хабааннаах саҥа бырайыагы саҕалыырга бэлэмнэнэр. Ол – ааптарыскай бырааптар сокуоннарынан хааччахтааһыннарга түбэспэт  тастан агрегатордар цифровой көрүҥҥэ көһөрүллүбүт докумуоннарыгар  уонна Национальнай  бибилэтиэкэ тус бэйэтин контенын сорҕотугар ыраахтан киириини хааччыйыы базатыгар электроннай библиотечнай эйгэни тэрийии буолар.

Оскуолаларга, вузтарга, сузтарга, научнай, медицинскэй тэрилтэлэргэ уонна судаарыстыбаннай былаас органнарыгар, сегмент чопчу информационнай ирдэбиллэринэн, контеннары тус-туспа коллекцияларынан тэрийии былааннанар. Контент толору тиэкис эрэ буолуо суохтаах, манна виртуальнай быыстапкалар, буолаары турар тэрээһиннэр анонстара, о.д.а. киириэхтэрэ. Маннык үлэ биир  биһирэнэр  өрүтүнэн  үрдүк экэнэмиичэскэй көдьүүһэ буолар. Национальнай бибилэтиэкэ информационнай ресурсаларыгар төлөбүрдээх сурутууну  ыытар,  онтон килийиэн-тэрилтэлэргэ бэйэлэрин контеннарыгар  библиотечнай ханаалларынан босхо киирэллэригэр  кыах бэриллэр. Аныгы бибилэтиэкэ, бастыҥ үгэстэрин тутуһан туран, уларыйыахтаах.

Алфия Багаува, Нерюнгри куораттааҕы бибилэтиэкэ  Быраапка уонна дьыалабыай информацияҕа киинин  кылаабынай  бибилэтиэкэрэ:

—Аныгы бибилэтиэкэ – бу элбэх функциялаах информациялыыр киин. Холобур, биһиэхэ бааллар: интернеттээх компьютердар, цифровой көрүҥнээх кинигэлэр уонна хаһыаттар-сурунааллар, аныгылыы форматтаах тэрээһиннэри ыытыыга аналлаах  мультимедийнэй уонна конференц-набордар, о.д.а.  Итиэннэ – мобильнай, прогрессивнай, көхтөөх, идиэйинэй каадыр. Ааҕыыны пропагандалааһыҥҥа үлэ креативнай ньымалара суолталара  эмиэ улахан: флэш-мобтар, бэстибээллэр, фото-куонкурустар, буктрейлердэр, дуэллэр, буккросинг, о.д.а. элбэх.

Бүгүҥҥү бибилэтиэкэ биир сиргэ турбат, уларыйар, саҥатытыллар, ол эрээри, информацияны биэрэр анала куруутун тоҕоостоох. Онон, бэҕэһээҥҥи  курдук,  бүгүн бибилэтиэкэ5э көннөрү киирэн кэлиэххэ, интэриэһнэй кинигэни талан ылыахха, олохтоохтук оҥостон олоруохха  уонна…  ааҕыыттан дуоһуйууну ылыахха сөп.

Наталья Басова, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун  М.И.Брызгалова  аатынан Оҕо бибилэтиэкэтин  алын кылаастарга  абонеменын сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ:

Бибилэтиэкэр  идэтэ  олус интэриэһинэй, киһини умсугутар. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии үүнэр күнүҥ атыттарга маарыннаабат, уратылаах. Күн ахсын ааҕааччыларгын кытта үлэлииргиттэн, кинигэ талалларыгар, үөрэхтэригэр, үлэлэригэр көмөлөһөргүттэн, дьоҥҥо араас интэриэһинэй, билиини-көрүүнү биэрэр тэрээһиннэри ыытаргыттан дуоһуйууну ылаҕын.

Бибилэтиэкэ эргимтэтигэр  хас биирдиилэрэ  бэйэлэрэ ураты эйгэлээх, ураты тыыннаах, ураты тэтимнээх,  саҥа үлэлээн эрэр эдэр исписэлиистэр аҕыйаҕа суохтар. Ол иһин, маннык идиэйэни этэбин – “АМБиция” диэн, холобур, Илин эҥэр улуустар эдэр бибилэтиэкэрдэрин түмэр Сэбиэт (ассоциация) тэрийэргэ.  Ол эбэтэр, эдэрдэр хаһан баҕарар  амбициознайдар, саҥа идиэйэлэринэн толорулар, үлэҕэ, тэрээһиннэргэ элбэх  саҥа, сонун сүүрээннэри киллэрэргэ дьулуһаллар. Сылга саатар биирдэ түмсэн, санаабытын, проблемаларбытын, ситиһиилэрбитин үллэстиэхпит, кэпсэтиэхпит, уопуппутун атастаһыахпыт этэ.

Бары биир идэлээхтэрбин Бүтүн Россиятааҕы Бибилэтиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин, кинигэни олус таптыыр, мэлдьи билиигэ-көрүүгэ  дьулуһар  элбэх ааҕааччыны  баҕарабын!

Татьяна МАРКОВА,  «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ыспыраапка:

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уопсайа 514 бибилэтиэкэ үлэлиир, онтон 3 судаарыстыбаннай, 480 муниципальнай уонна 31 бибилэтиэкэ култуурунай аралдьытар — сынньатар  тэрилтэлэр истэринэн бааллар.

Быһа холуйан, 1 бибилэтиэкэ5э ортотунан 1851 олохтоох киһи тиксэр.  Саха сирин 36 нэһилиэнньэлээх пууна, ол аата 7 тыһыынчаттан тахса олохтоох киһи бибилэтиэкэнэн кыайан хааччыллыбат.

Өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар бибилэтиэкэ ахсаана норматив ирдэбиллэригэр эппиэттээбэт. Холобур, Нерюнгри  куоракка 58133 киһиэхэ 2 эрэ, Мирнэй куоракка 34354 киһиэхэ эмиэ 2 эрэ бибилэтиэкэ үлэлиир.

2016 сыл түмүктэринэн 471,1 тыһ. киһи бибилэтиэкэ өҥөтүнэн туһаммыт, ааҕааччы ахсаана 1483 киһинэн улааппыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0