Ыам ыйын 27 күнүгэр ойуур баһаара суох

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 27 күнүгэр сарсыарда 8.00 чаастааҕы туругунан Саха сиригэр ойуур баһаара бэлиэтэммэтэх. Ааспыт сууккаҕа Чурапчы улууһугар турбут баһаары умуллардылар. Уот 34 га иэннээх сири сиэбит.

Даҕатан эттэххэ, быйыл саас ойуур пуондатыгар 15, атын сирдэргэ 6 баһаар тахсыбыт эбит буоллаҕына, былырыын баччаларга 91 ойуур баһаара бэлиэтэммит.

Эрдэттэн ыытыллар сэрэтии уонна бэлэмнэнии үлэтин түмүгэр быйыл барыта этэҥҥ курдук.

Экология министиэристибэт Саха сирин олохтоохторун баһаартан сэрэхтээх буоларга ыҥырар. Ойуур баһаара тахсыбытын биллэххитинэ, 8-4112-44-74-76 нүөмэринэн биитэр быһа линиянан 8-800-100-94-00 эрийэн биллэриҥ.

Суһал ыстаап

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0