Өлүөнэ өрүс муустан босхолонно даҕаны, ыам ыйын 20 – 25 күннэрин диэки Дьокуускай – Аллараа Бэстээх, Хаҥалас – Суотту хайысхаларынан паромнар сырыылара саҕаланыа. Аллараа Бэстээх хайысхатынан «Дьокуускай» СХ уонна «АЯМ» ХЭУо паромнара сылдьаллара былааннанар.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Күнү-дьылы билгэлиир сулууспа ыам ыйын 4 күнүнээҕи сабаҕалааһынынан, Өлүөхүмэ аннынан ыам ыйын 8 – 12, Дьокуускайынан ыам ыйын 13 – 15 күннэригэр муус устар чинчилээх. Онон Хаҥалас – Дьокуускай учаастагынан ыам ыйын 20 – 25 күннэригэр Өлүөнэ муустан ыраастаныаҕын билгэлииллэр. СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр ыытыллыбыт сүбэ-мунньахха «Дьокуускай» СХ генеральнай дириэктэрэ Сергей Парнищев Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан быйыл 4 парому үлэлэтэр былааннаахтарын уонна бу күннэргэ массыына киирэр-тахсар сирин оҥоро сылдьалларын кэпсээтэ. «Быйылгы тарыыптары Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ бигэргэтэ илик. Онон тарыып туһунан тугу да этэр кыахпыт суох», – диэбитигэр, туһааннаах кэмитиэт отделын начаалынньыгын солбуйааччы Александра Колесова тарыыптар былырыыҥҥынан хаалалларын туһунан эттэ. Онуоха судоходнай хампаанньа сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. Инньэ гынан, тырааныспар министиэристибэтэ уонна сыана кэмитиэтэ тарыыптары өссө үөрэтэн көрүөх буоллулар.
[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-anchor» color=»pink» add_icon=»true»]
-
2016 сыллааҕы навигацияҕа сыана тиэхиньикэ ыйааһынынан олохтонон, 1,2 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыына 205 солк., 2,5 тонналаах – 855 солк., 4 тонналаах – 1365 солк., пассажирдары таһар оптуобустар, ол иһигэр 25 миэстэлээх – 1535 солк., 25 миэстэттэн үөһэ – 2390 солк., Икарус кылаастаах – 2730 солк., матасыыкыл, мотороллер бары көрүҥэ – 170 солк. этэ.
[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-anchor» color=»pink» add_icon=»true»]«АЯМ» ХЭУо Даркылаахтан Аллараа Бэстээххэ диэри үс парому үлэлэтиэхтээх. Оттон Хаҥалас – Суотту туһаайыытынан урбаанньыт Петр Говоров араспысаанньанан икки парому таһаарыахтаах. Хаҥалас улууһун дьаһалтатын исписэлииһэ Валерий Яковлев иһитиннэрбитинэн, Мохсоҕоллоохтон Хачыкаакка диэри биир улахан паром уонна дьоҕус суудуналар үлэлиэхтээхтэрин итиэннэ тарыыптар 2016 сыллааҕынан хаалбыттарын эттэ.
Мэҥэ Алдан – Кэскил хайысхатынан эмиэ түөрт паром сылдьара былааннаанар.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru