Ыам ыйыгар тугу олордобут?

Ааптар: 
02.05.2021
Бөлөххө киир:

Быйыл Саха сиригэр кыһыммыт тымныы буолан, сааһы, сылаас халлааны хаһааҥҥытааҕар даҕаны кэтэстибит. Дьолго, уһун өрөбүллэри, бырааһынньык күннэрин биллэрэн, оҕуруотчуттарга саамай тоҕоостоох кэм үүннэ. Ыам ыйыгар тугу олордобут?

edersaas.ru

Ыам ыйын 1-10 күннэригэр — ый уолар, 11 күнүгэр – саҥа ый, 12-25 күннэригэр – ый үүнэр, 26 күнэ – толору ый, 27-31 күннэригэр — ый уолар.

Өскөтүн, саастаах, уопуттаах оҕуруотчуттар тугу хаһан олордору күн-дьыл хаамыытынан көрөн эндэппэккэ билэр эбит буоллахтарына, эдэр, саҥа саҕалыыр дьон ый халаандарынан сирдэтинэллэрэ оруннаах. Сынньалаҥ күнү баттаһа тугу олордуохха сөп эбитий?

Хортуоппуйу – ыам ыйын 1, 2, 27, 28, 29 күннэригэр

Моркуобу – 1, 2, 28, 29 күннэригэр

Сүбүөкүлэни – 1, 2, 12, 22, 23, 28, 29 күннэригэр

Сельдерейи, петрушканы, укуруобу – 1, 2, 5-9, 12, 15-17, 22-25, 28, 29 күннэригэр

Помидору – 12, 15-17, 22-25, 28, 29 күннэригэр

Минньигэс, аһыы биэрэстэри — 12, 15-17, 22-25, 28, 29 күннэригэр

Оҕурсуну – 5-7, 12, 15-17, 22-25, 28, 29 күннэригэр

Хаппыыстаны – 15-17, 22-25 күннэригэр

Кабачогу, тыкваны — 12, 15-17, 22-25, 28, 29 күннэригэр

Салааттары — 5, 6, 7, 8, 9, 12, 15, 16, 17, 22, 23, 24, 25, 28, 29 күннэригэр

Малинаны, моонньоҕону, крыжовнигы – 12-19, 24, 25 күннэригэр

Дөлүһүнү, боярышнигы – 15-19, 24, 25, 27 күннэригэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — supersadovnik.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0