Ыам ыйынааҕы уһун өрөбүллэр буолалларынан, биэнсийэни түҥэтии болдьоҕо уларыйда.
Ый 9 чыыһылатыгар диэри графигынан ылыахтаах дьон буоста үлэтин эрэсииминэн, биэнсийэлэрин кэмигэр ылыахтара. Өрөспүүбүлүкэ бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар олорор дьоҥҥо биэнсийэлэрэ уонна онтон атын социальнай төлөбүрдэр эрдэлээн, ыам ыйын 6-8 күннэригэр төлөнүөхтэрэ.
Өскөтүн биэнсийэни биэрии графига өрөбүл, эбэтэр бырааһынньык күнүгэр түбэһэр буоллаҕына, бастакы үлэ күнүгэр төлөнөр. Ол эбэтэр, холобур, ыам ыйын 10 күнүгэр ылыахтаах эбит буоллаххына, биэнсийэҕин ыам ыйын 13 күнүгэр, бэнидиэнньиккэ тутаҕын.
Санатан эттэххэ, ыам ыйын 1-5 уонна 9-12 күннэригэр, барыта 9 күн өрүүбүт.
Ону тэҥэ, Биэнсийэ пуондата Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр эбии 10-нуу тыһ. солк. төлүөҕэ. Билиҥҥи туругунан, Саха сиригэр 98 сэрии кыттыылааҕа уонна инбэлиитэ баар.
Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатыгар, биэнсийэнэн хааччыйыы уонна социальнай төлөбүрдэр тустарынан боппуруостарга элбэх ханааллаах 8-800-100-99-74 нүөмэринэн үлэ кэмин чааһыгар босхо эрийэн ыйыталаһыахха сөп.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru