
Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаата ыам ыйыгар бэриллэр биэнсийэ уонна социальнай төлөбүрдэр кыраапыктарын хайыы-үйэ бигэргэттэ.
Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар почта отделениелара ыам ыйын 5-7 күннэригэр бэриллэр биэнсийэни бэһискэ, 8-9 күннэргэ төлөнүллэри алтыска, 8-10 күннэргэ бэриллэри сэттискэ аһардыахтара. Ыам ыйын 8-10 күннэрэ өрөбүллэр. Ити кэнниттэн биэнсийэ кыраапыгынан бэриллиэҕэ. Дьокуускай куорат уонна аттынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга эрдэ бигэргэммит кыраапык тутуһуллуо эрээри, ыам ыйын 9 күнүгэр түһүөхтээх биэнсийэ уонна социальнай төлөбүр ыам ыйын 4 күнүгэр бэриллиэҕэ.
Кирэдьиитинэй тэрилтэлэр ыам ыйын 8-9 күннэригэр бэриллэри ыам ыйын 6 күнүгэр түһэриэхтэрэ. Уоннааҕытын кыраапык быһыытынан аһардыахтара.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1