“Ыалга олоҥхолооһун” бырайыак сэттис сылын ыытылынна

14.12.2018
Бөлөххө киир:

Былыргы дьыллар мындааларыттан, урукку дьыллар уорҕаларыттан өбүгэлэрбит илдьэ кэлбит олоҥхолорун кэнники кэмҥэ тыйаатырга эбэтэр дьон мустар сирдэригэр эрэ буолбакка, ыал маанылаах дьиэтигэр истэр буолбуппут номнуо үтүө үгэскэ кубулуйда.

edersaas.ru


“Арчы дьиэтэ” духуобунас киинин уус-уран салайааччыта, алгысчыт, СӨ култууратын туйгуна Борис Михайлов-Айылҕан “Ыалга олоҥхолооһун” бырайыагы 2010 сылтан олоххо киллэрэн барбыта. Онон,  дьиэҕэ олоҥхолооһун аан бастаан Хатас ыалыгар тэриллибитэ. Олоҥхоһоту көрсүбүт ыал доҕотторун, аймахтарын, чугас ыалларын, оҕолору, сиэннэри ыҥыран, Петр Тихонов олоҥхотун истибиттэрэ. Кырдьыга да, урут олоҥхоһут кэлэр сураҕын истээт, дьон иһирдьэнэн-таһырдьанан үлэлэрин үмүрүтэ охсон, үчүгэй сыалаах эти киллэрэн ириэрэн, саламаат буһаран, алаадьы сырылата охсон олоҥхоһуту күүтэллэрэ. Кыынньар кымыс да баар буолара. Дьэ, бу астарынан олоҥхоһуту маанылыыллара.


Быйыл “Ыалга олоҥхолооһун” бырайыак чэрчитинэн олоҥхоһут Семен Черноградскайы суруйааччы Галина Нельбисова уонна бырайыак ааптара Борис Михайлов-Айылҕан дьиэлэригэр көрүстүлэр.
Уус Алдан улууһун уонна Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Черноградскай биир дойдулааҕа Дмитрий Говоров—Олоҥхоһут Миитэрэй «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун иһитиннэрдэ. Бу иннинэ Семен Ильич хас да олоҥхоттон быһа тардыылары нууччалыы, омуктуу тылынан тылбаастаммытын толорон, олоҥхону киэҥ эйгэҕэ таһаарса сылдьарын көрдөрдө. Америка учуонайа, уопсастыбанньыга Рабина Харис бэйэтин монографиятыгар Семен Черноградскай уонна саха олоҥхотун туһунан матырыйааллары туһаммыта. Ол иһигэр, “Сахамедиа” хаартыскаҕа түһэрээччитэ Мария Васильева Семен Ильич олоҥхолуу олорорун үйэтиппитин кинигэтигэр киллэрбитэ. Олоҥхоһуттан ылбыт интервьютун хас да омук тылынан тылбаастаан, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта.
Быйыл дьиэҕэ олоҥхолооһун сэттис ыалга тэрилиннэ. Ол туһунан Борис Михайлов: Ыалга олоҥхолооһун” диэн бырайыагым олоҥхо дьиҥ эйгэтигэр — сэҥээрэн истэр дьонноох-сэргэлээх ыалга олохсуйан, үгэс көрүҥэр төннүү буолар. Оччотугар дьиҥнээх олоҥхобут эйгэтигэр киирэн ылабыт», — диэн,  бүгүҥҥү олоҥхоһукка уонна  дьиэ хаһаайката Галина Васильевнаҕа Махтал суруктары туттарда. Маны сэргэ “Арчы дьиэтэ” исписэлииһэ Айталыын Винокуров бүгүҥҥү дьоро киэһэ кыттыылаахтарын көрдөһүүлэринэн сахалыы дэгэрэҥ ырыалары толордо.

Борис Михайлов былаана өссө да иннигэр. “Бу иннинэ Арчы дьиэтигэр “Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” диэн тэрээһини оҥорон уонча олоҥхоһуту олоҥхолоппутум. Ол салгыытын курдук “Ыалга олоҥхолооһун” кинигэ быһыытынан дьоһуннаах үлэ буолан тахсыахтаах”, — диэн олоҥхо тохсус ыал дьиэтигэр ыытыллыннаҕына,  “Ыалга олоҥхолооһун” диэн кинигэ хомуйан бэчээттиир былааннааҕын үллэһиннэ.
“Ыалга олоҥхолооһун” бырайыак дьон-сэргэ сэҥээриитин ылан, кэнники сылларга бырайыагы чурапчылар, уус алданнар, таатталар, бүлүүлэр, намнар эмиэ үтүө үгэскэ кубулуппуттара кэрэхсэбиллээх. Үтүө үгэс батыһааччылаах.

ЫСПЫРААПКА:
Семен Ильич ЧЕРНОГРАДСКАЙ:

ССРС спордун маастара, РФ физическэй култууратын уонна спордун  туйгуна, Уус Улдан оройуонун уонна Мүрү с. бочуоттаах олохтооҕо, хайыһарынан сүүрүүгэ САССР 27 төгүллээх чемпиона, 1969 с. универсиада икки төгүллээх чемпиона, 1999 с. Финляндияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга 606 кыттааччыттан 7-с миэстэ буолбута.

Хас да кинигэ ааптара, оһуохайдьыт, олоҥхоһут, “Оһуохай” уопсастыба көхтөөх чилиэнэ. Уопсастыба үлэтин чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар, нэһилиэктэригэр сылдьан, олоҥхону уонна спорду тэҥинэн сырдатар, тарҕатар. Аҕыйах сыллааҕыта Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Лариса Реасовна Кулаковская көҕүлээһининэн Сербияҕа баран олоҥхону түөрт тылынан толорбута.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0