Ыалдьыппыт – улуус бастыҥ хоһоонньута Марта-Мария

23.10.2019
Бөлөххө киир:

И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ «Ыллык» литература куруһуога историк идэлээх Петр Местников көҕүлээһининэн, 2005 сылтан үлэлиир.

edersaas.ru


Улууска Олоҥхо Ыһыаҕа ыытылларынан уонна бөдөҥ суруйааччылар үбүлүөйдээх сыллара буолан, былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар куруһуок үлэтэ хаһааҥҥытааҕар да өрө күүрэн, үтүө түмүктэрдээх үлэлээбитэ. Ол курдук, Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан, устудьуоннар уонна үлэһиттэр кыттыһан, музыкальнай-литературнай дьүһүйүүнү туруорбуппут, кэллиэскэ, улуустааҕы Киин бибилэтиэкэҕэ көрдөрбүппүт, быстах нүөмэрдэринэн кырдьаҕастар дьиэлэригэр, Партизан сэлиэнньэтигэр сылдьыбыппыт.
Биир дойдулаахтарбыт Таллан Бүрэ уонна Чаҕылҕан бэлиэ сылларынан эмиэ дьүһүйүү туруорбуппут, Таллан аатын сүгэр Бөтүҥ, Аппааны орто оскуолаларыгар көрдөрбүппүт, Ленскэй нэһилиэк иһинэн ыытыллыбыт күрэскээ кыттан, Таллан Бүрэҕэ анаммыт үлэбит бастаабыта, Чаҕылҕаҥҥа анаабыт дьүһүйүүбүт биһирэбил бирииһинэн бэлиэтэммитэ;
Суруйааччылар Николай Лугиновтуун, Иван Мигалкинныын, Павел Харитонов-Ойукулуун көрсүһүүлэргэ кыттыбыппыт, Удьурхай, Таллан Бүрэ кинигэлэрэ сүрэхтэниилэригэр эҕэрдэ хоһооннору аахпыппыт.
Ону сэргэ, оҕолорбутун научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэлэргэ, В.Н.Попов-Бочоох «Үөлэн Кыырдьыт» олоҥхотунан СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Якимец салалтатынан туруоруллубут испэктээккэ кытыннарбыппыт.

ххх

Саҥа үөрэх дьылыгар куруһуок бастакы дьарыгар Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт «Тобуруокап көмүс күһүнэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин кыттыылааҕа, иистэнньэҥ идэлээх, быйылгы Байанай сылыгар 70 сааһын томточчу туолбут, 13 кинигэ ааптара, улуустааҕы «Отуу уота» литература түмсүүтүн биир инники күөҥҥэ сылдьар чилиэнэ Мария Петровна Мохначевская-Марта-Мария ыалдьыттаата. Кини поэзия эйгэтигэр хойутуу, соһуччу, ол эрэн түргэн тэтимнээхтик киирбитэ. Кини өссө хоһооннору нууччалыыттан сахалыы, сахалыыттан нууччалыы тылбаастаан, ааҕааччы улахан сэҥээриитин ылар. Мария Петровна араас таһымнаах куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттар, батсаап ситимин нөҥүө саҥаттан саҥа айымньыларын билиһиннэрэр, дьон көрдөһүүтүнэн элбэх хоһоону айан, үлэһээччилэрин астыннарар.
Марта-Мария хас да ырыа буолбут хоһооннордоох. Бу – ааптар тылга улахан дьоҕурдааҕын, сылайар-саллар диэни билиммэт ураты дьаныардааҕын, туруоруммут сыалын ситиһэн тэйэр уһулуччу дьулуурдааҕын көрдөрөр. Чахчы даҕаны, төһө да үлэһит буол, талааныҥ суох буоллаҕына, эбэтэр төһө да кыахтаах буол, сүрэҕэ суох буоллаххына — сир өппөккүн. Оттон биһиги ыалдьыппыт, айылҕаттан бэриһиннэрбит дьоҕурун уонна бэйэтин үтүө дьулуурун кынат оҥостон, киһи сөҕөр гына үүммүт-сайдыбыт, элбэх доҕордоммут-атастаммыт, бэйэтигэр умсулҕаннаах, туһугар эмиэ туспа абылаҥнаах саҥа эйгэни арынан, дууһатын байыппыт, сүрэҕин манньыппыт Далбар Хотун буолар.
СӨ норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап быйылгы VI төгүлүн ыытыллыбыт «Көмүс күһүнүгэр», саҥа сүүрээн быґыытынан, улуустан биирдии киһи кыттар хоһоон күрэҕэ эрдэттэн биллэриллибитэ, кыайыылаахха «Офсет» хампаанньа босхо 1 кинигэни бэчээттэтэр сэртипикээти туруорбута. Оннук эппиэтинэстээх, улахан тэрээһиҥҥэ Эҥсиэли хочотуттан Марта-Мария кыттар чиэскэ тиксибитэ. Маныаха улууспут баһылыга Юрий Слепцов массыына биэрэн, айар үлэнэн дьарыктанар дьону өйүүрүн-өйдүүрүн көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан мустубут хоһоону өрө тутар дьон ортотугар Эҥсиэли хочотун, «Отуубут уотун» дьоһуннук ааттатар кыах биэрдэ.
Ыҥырыылаах ыалдьыппыт Марта-Мария көрсүһүүгэ айар үлэтин, Тобуруокапка анаммыт икки күннээх хоһоон бырааһынньыгын туһунан сиһилии кэпсээтэ, оҕолор болҕомтолорун, сэҥээриилэрин ылыан ылла. Кини айар үлэтигэр өйдүүн-санаалыын, сүрэхтиин-быардыын ылсар буолан хоһоонноро истиҥнэр, киһиэхэ тиийимтиэлэр, ойуулуур-дьүһүннүүр уран тылы таба туттар  буолан, музыкальнайдар, сырдыктар, иэйиилээхтик ааҕыллаллар. Ааптар тиэмэтэ киэҥ. Ханнык да тиэмэни талбытын иһин, кини тыллары сааһылаан, хоһоон куорматыгар сатабыллаахтык киллэрэр, рифма араас көрүҥнэрин булан туттар, аллитерацияны да тумнубат.
Биһиги ыалдьыппыт хоһоонноро “Тобуруокап көмүс күһүнүгэр” биһирэнэннэр, «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал 5 сирэйигэр босхо бэчээттэниллэр кыаҕы ылбыта. Бу айар үлэнэн дьарыктанар киһиэхэ олус күндү бэлэх, улахан үөрүү, ситиһии буолар.
Марта-Мария көрсүһүү кэмигэр интэриэһинэй ыйытыыны биэрбит биэс оҕоҕо «Далбар Хотун» сурунаалга автограбын суруйан бэлэхтээтэ, устудьуоннар уонна үлэһиттэр аахтыннар диэн, кэллиэс бибилэтиэкэтигэр 17 кинигэтин бэлэх уунна.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан Парасковья БАЙАНАЕВА, Татьяна РУМЯНЦЕВА

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0