Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев уочараттаах брифинин ыытта.
edersaas.ru
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга этэринэн, дьаҥ балаһыанньата өрөспүүбүлүкэҕэ ыгым эрээри, туруктаах. Ол курдук, дьаҥҥа хаптарбыт киһи ахсаана — 52 киһи. 43 киһи – Дьокуускайга. Кинилэртэн 30 тахсата –устудьуоннар. Уопсайга ыалдьыбыт устудьуоннартан кимнээх ыалдьыбыттара биллибит. Салгыы тарҕаммат ини диэн эрэнэр Ил Дархан. Ону тэҥэ Нерюнгригэ -1, Алдаҥҥа, Мэҥэ Хаҥаласка, Хаҥаласка ыалдьыы бэлиэтэннэ. Ити урут ыалдьыбыттары кытта сибээстээх.
— Хомойуох иһин, Харах балыыһатын кытта сибээстээх саҥа хантаактар булулла тураллар. Хантаактаспыт дьону булууга үлэ салҕанар, оройуоннарга эмиэ сорудах бэрилиннэ. Дьаҥ турбутунан сибээстээх бэрэбиэркэ бу балыыһаҕа түмүктэммитэ, билигин дуоһунастаах сирэйдэргэ ханнык эппиэтинэс сүктэриллэрэ быһаарыллар. Чайыҥдатааҕы баайдаах сиргэ балаһыанньаны хонтуруолга тутуллар. Бүгүн 1800 ыалдьыбатах, чэгиэн доруобуйалаах дьону тиэйэн илтилэр. Муус устар бүтүүтэ, ыам ыйын саҥатыгар ылыллыбыт анаалыстар көрдөрбүттэринэн, манна баар дьонтон 6 бырыһыана дьаҥҥа хаптарбыт, ити уопсай ахсаантан 600 киһиэхэ тэҥнэһэр, — диэтэ Айсен Николаев.
Түгэнинэн туһанан, Ил Дархан сарсын буолаары турар Кыайыы күнүнэн дьону-сэргэни хааxчахтыыр миэрэлэри тутуһалларыгар, олорор муниципальнай тэриллиилэриттэн ханна да барбаттарыгар көрдөстө.
— Кыһыл болуоссат параадын да көрүөхпүт, оройуоннарынан “Өлбөт үйэлээх полк” аахсыйатыгар онлайн да кыттыахпыт. Онон дьиэттэн тахсыбакка олоруу эрэсиимин тутуһуохха”, — диэн түмүктээтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Бэлэмнээтэ Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат
Хаартыска: ааптар түһэриитэ