“Бастыҥ тыа ыала” куонкуруска сылдьан, биир эдэр ыалы сэргии көрбүтүм. Ийэлэрэ бэрт сэргэх, сытыы, кыраһыабай кыыс, туохтан да толлубакка, барытыгар ылсан иһэр, ыллаан-үҥкүүлээн, фитнестээн да ылбыта. Асчыт бэрдэ, иистэнньэҥ үтүөтэ. Аҕалара эр киһи быһыытынан сэмэй, номоҕон, бүгүрү үлэһит уол. Бу сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэр ыал номнуо түөрт оҕолоохтор. Бэйэлэрин икки оҕолорун таһынан, уоллаах кыыһы иитэ ылбыттар.
Баҕа санаа туолуута
Маргарита, Алексей Бродниковтар Таатта Харбалааҕар олороллор. Кинилэр Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэ киирэн баран, Өлүөхүмэҕэ хортуоска хомуйуутугар практикалана сылдьан билсибиттэр. Эһиилигэр, 2009 сыллаахха ыал буолбуттара. Рита Сунтаар улууһуттан төрүттээх. Кини соҕотох аҕаҕа, интэринээккэ иитиллибит, ийэтэ суох улааппыт буолан, дьиэ кэргэн, ийэ-аҕа истиҥ, харыстабыллаах сыһыаныгар улахан болҕомтотун уурара. Кыра эрдэҕиттэн “мин маннык улахан дьиэлээх буолуом, элбэх оҕолонон, хаһаайыстыба тэринэн, ньир-бааччы олоруохпут, дьоллоох ыал буолуохпут” диэн ыраланара. Ол баҕа санаата туолан, дьылҕата тардан, үчүгэй уолга кэргэн тахсан, Харбалаах сис ыалыгар кэрэ кийиит буолан киирбитэ. Бу кэннэ олоххун хайдах тэринэриҥ бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах буоллаҕа.
Эдэр ыал үөрэнэ сылдьан утуу-субуу уоллаах кыыс оҕолонон, академ ылан, үөрэхтэрин ситэ бүтэрбэккэ хаалбыттара. Алексей дьонуттан харчы көрдөөбөккө, үлэлээн, дьиэ кэргэнин бэйэтэ иитэргэ дьулуһара.
Иллэрээ сыл нэһилиэккэ биир бастакынан толору хааччыллыылаах, икки этээстээх дьиэ туттан киирбиттэрэ. Рита өссө биир баҕа санаата туолбута. Кини кэрэ көстүүлээх өрүс кытылыгар олоруон баҕарара. Амма өрүс үрдүгэр саҥа дьиэ дьэндэйбитэ. Эдэр хаһаайка дьиэтин бэйэтэ дизайннаан, аныгы истиилинэн бырайыактаабыттара. Дьиэтэ хайдах буолуохтааҕын эрдэттэн хараҕар оҥорон көрөрө. Оҕолор хосторун, сааланы, куукунаны атын-атын истииллээх гыммыттар. Дьиэ киирэр аантан саҕаланар, онон сырдык уоттаах люстра ыалдьыттары көрсөр.
Аҕалара айылҕаттан уһанар дьоҕурдаах буолан, өссө сыбаарканы толору баһылаан, дьиэтин тупсаҕай көрүҥнээбит. Уотун эмиэ бэйэтэ тарпыта. Кини автомеханик идэтигэр үөрэммитэ, 4-с кууруска тахсан баран, дьиэ кэргэммин иитэбин диэн тохтообута. Чааһынай маҕаһыыҥҥа суоппардыырын таһынан, электромонтер идэтигэр үөрэнэн, билигин ыалларга төһө баҕарар уоту тардар, сыбааркалыыр, уһанар. Оттон Рита быйыл бэһис кууруһу бүтэрэн, технолог идэтин баһылыа.
Бэйэ холобурунан иитии
Эдэр ийэни кытары быыс булан, кылгастык да буоллар, кэпсэтэн ыллыбыт. Икки оҕону иитэ ылыы диэн, туһугар эрдээх быһаарыныы, хорсун быһыы, улахан эппиэтинэс буоллаҕа дии. Биирдэ элбэх оҕолоох ыал буолан ньиргийэ түспүттэр.
Рита бииргэ төрөөбүт эдьиийин кытары тус-туспа иитиллибиттэр. Кэлин эдьиийин төрөппүт бырааба быһыллан, оҕолорун детдомҥа ыыппыттар. Онуоха Рита өр соҕус толкуйдаан баран: “Аҕам араспаанньатын илдьэ сылдьар хаан-уруу аймах оҕолорбун бэйэм ылан иитэбин” диэн быһаарыныы ылыммыта.
- Кэргэммэр наһаа махтанабын. Миигин наһаа өйдүүр, өйүүр. Мээнэ киһи манныкка сөбүлэһиэ суоҕа этэ. Атын оҕолору бэйэҥ оҕолоруҥ курдук санаан эппиэтинэс ылынар, дьиҥэ, уустук. Мин дьаһалтаҕа тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн үлэлии сылдьан, оҕолору ылан баран, саҥа усулуобуйаҕа үөрэнэллэригэр куруук аттыларыгар сылдьаары, бакаа тохтообутум. Кэлиэгэлэрим хомойбуттара эрээри, кэлин өссө да үлэлиэм буоллаҕа дии, — диэн кэпсиир эдэр ийэ. Бу эмиэ дьиэ кэргэн интэриэһин өрө тутуу буоллаҕа. Салгыы оҕо иитиитин туһунан кэпсэтэбит.
- Бастакы оҕобут буолан, уолбут атаах соҕус этэ. Улахан оҕолору ылбыппыт наһаа үчүгэй. Уоллаах кыыспыт биирдэ эдьиийдэнэ, убайдана түстүлэр. Уолум урут бэйэбэр эриллэ сылдьар буоллаҕына, билигин тэйэн, убайын батыһа сылдьар. Бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр уонна дьаһана, быһаарса улааталлар. Көмөлөрө да баһаам.
Уолбут моделированиенан дьарыктанар. Куоракка баран күрэхтэһиигэ кыттан кэлбитэ. Кыыспыт оҕуруо тиһэр, ыллыыр-үҥкүүлүүр. Наһаа талааннаах оҕолор, дьоҕурдарын сайыннарарга усулуобуйа оҥорорго кыһаллабыт. Оҕолорбутун бэйэбит холобурбутунан иитэбит, үлэҕэ үөрэтэбит. Сайын аайы дьоммут сүөһүтүн ылан көрөбүт, ыыбыт. Онон сарсыардабыт күөрчэҕинэн саҕаланар. Сир аһын хомуйарбын наһаа астынабын, ол иһин сыл аайы Сунтаарга малиналыы барааччыбын.
Оҕолорбун нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор кытыннарабын. Туохха барытыгар кыттыһан иһэбит. Оҕо төрөппүттэрин көрөн үөрэнэр, онон бастатан туран, бэйэҥ көхтөөх, чөл олохтоох, үлэһит буолуохтааххын, — диир кини.
Бродниковтар оҕолорунан дьоллоох ыал. Батыһыннара сылдьан үлэҕэ да, сынньалаҥҥа да барытыгар бииргэлэр. Айылҕаҕа сынньаналларын сөбүлүүллэр. Сороҕор саҥа киинэлэри хачайдаан, ас астанан баран, дьиэлэригэр Киинэ күнүн оҥороллор. Быйыл улуустааҕы “Эдэр ыал” куонкуруска кыттан, “Кэскиллээх эдэр дьиэ кэргэн” ааты ылбыттара.
Маргарита уруккуттан оҕуруонан киэргэл оҥорорунан үлүһүйэр этэ. Бастыҥалары, илин кэбиһэрдэри оҥороро. Онтон сахалыы таҥас наада диэн, иистэнэргэ үөрэммитэ. Бу үөрүйэҕин бэйэтигэр эрэ иҥэриммэккэ, оскуола оҕолоругар маастар-кылаастары ыытар. Бу хаартыскаҕа көстөр сахалыы таҥастарын, киэргэллэрин бэйэтэ оҥорбута, тикпитэ.
- Тыа сиригэр олорор үчүгээй, — диир ыал ийэтэ. – Манна наһаа холку, барыта орун-оннугар буолан иһэр. Оҕолорго үчүгэй – сибиэһэй эт-үүт ас, ыраас салгын, көҥүл дуол. Дьиэбититтэн аҕыйах хардыылаах сиргэ таас оскуола тутуллубута, онтон олус үөрэбин. Киһи син биир оҕолорун туһугар олорор буоллаҕа дии, онон, бастатан туран, оҕолор дьоллоох, доруобай, ситиһиилээх буола улааталларыгар усулуобуйа оҥоһуллуохтаах.
…Киэһэ аайы Амма өрүс кылыгырас уутугар күн күлүгүн көрүнэн, кэмчиэрийэ кыыһан киирэр. Уу үрдүнэн намыһахтык түптэ буруота унаарара, киэһээҥҥи ыамҥа ыксаабыт ынах маҕырааһына, оҕолор күлсүүлэрэ, “һайдыыр-һаттыыр” саҥалара сайыҥҥы музыка буолан иһиллэр; ийэлэрэ оҕуруокка уу кутан түбүгүрэрэ, аҕалара оттоон, сылайан кэллҕинэ, кыралыын-улаханныын утары сүүрэллэрэ – бу буоллаҕа, саха ыалын күннээҕи олоҕо. Бу курдук түгэннэртэн таҥыллан, дьоллоох оҕо саас олуга ууруллар, олох хаамыыта баран иһэр…
Ангелина ВАСИЛЬЕВА.