Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ ханнык эрэ соҕуруу дойдуга “Якуты” диэн дэриэбинэ баарын туһунан хаартыскалаах иһитиннэрии тилийэ көттө. Дьиҥэр, ол дэриэбинэ биһиэхэ, сахаларга, туох да сыһыана суох эбит.
Елена Потоцкая, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Интэриниэти анаан хасыһан үөрэппитим, “Якуты” диэн дэриэбинэ туристар сылы төгүрүччү сынньанар “Якутские горы” диэн Белоруссияҕа баар паарканы кытта ыкса сибээстээх эбит. Дэриэбинэ бу паарка аттыгар баар. Кыһынын хайыһардыыллар, оттон сайынын квадроциклынан, буранынан хатааһылыыллар, пейнтболга оонньууллар.
Якуты дэриэбинэ Белоруссия киин куората Минскэйтэн 37 км тэйиччи турар. Мантан өрөспүүбүлүкэ саамай улахан Дзержинскэй диэн хайата саҕаланар. Туристар Минскэйгэ диэри сөмөлүөтүнэн кэлэн баран, Якутыга диэри электричканан тиийэллэр эбит. Интэриниэккэ, Минскэй куораттан “Якутские горы” сынньалаҥ пааркатыгар чаас аҥаара буола-буола оптуобустар хоҥноллор диэн суруйаллар.
Саамай элбэх турист сэтинньи уонна муус устар ыйдарга кэлэр эбит. Сүрүннээн, манна ыаллар оҕолорун кытта кэлэн сынньаналлар. Хаар манна үс-түөрт ыйы быһа сытар. Орто температура күнүс -5, түүн -13 кыраадыс.
Сынньалаҥ пааркатыгар хайаҕа тахсар буксирдаах канат суола баар. Биирдэ хайаҕа тахсыы улахан киһиэхэ – 15тыһ. белорусскай солк., оҕоҕо – 5 тыһ. солк. Төлөбүр барыта — белорусскай харчынан. Хомойуох иһин, “Якутские горы” сынньалаҥ пааркатыгар хонор сир суох. Дуоһуйа хатааһылаан баран, Минскэйгэ түспүт гостиницаҕар төннөҕүн. Биир нүөмэр сыаната –- 10-15 доллар. Якуты дэриэбинэ олохтоохторо туристарга удамыр сыанаҕа дьиэлэрин хосторун куортамныахтарын эмиэ сөп.
«Якут” уонна “Якутино” диэн ааттаах дэриэбинэлэр Белоруссияҕа эрэ буолбакка, Арассыыйа араас регионнарыгар олус элбэхтэр. Ол курдук, Владимирскай, Вологодскай, Ивановскай, Костромской, Нижегородскай, Оренбургскай, Тамбовскай, Тверской, Ярославскай уобаластарга – Якутино, Башкортостаҥҥа – Якутово диэн дэриэбинэлэр бааллар. Оренбургскай уобалас Александровскай оройуонугар Якут диэн дэриэбинэ оскуолатын киирэр ааныгар, тылбаастаабакка эрэ билиһиннэрдэххэ: “Якутская начальная общеобразовательная школа” диэн суруллан турар. Үгүс саха киһитэ маны уруургуу көрүөн сөп. Оттон Башкирияҕа “Якут” диэн туустаах бадарааннаах күөл баар эбит. Бу “кирээһинэн” тирии, ньиэрбэ уонна сүһүөх ыарыыларын эмтииллэр.
Дьэ, онон батсаап ситимигэр “Якуты” уонна “Якутские горы” диэн ааттаах хаартыскалары бастаан утаа соһуйа көрөн баран, маннык ырытыы оҥордум. Бу тыл нууччаттан киирбит буолан, айанньыттар Саха сирин ол иһин “Якутия” диэн ааттаабыт буолуохтарын сөп эбит.
Елена Потоцкая, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/