«Якутскэнерго» суһал биригээдэтэ тыалтан уот ситимнэрэ алдьанар түгэннэригэр суһаллык оҥорорго бэлэмнэр диэн сайтарыгар биллэрдилэр. Санатан эттэххэ бүгүн, муус устар 24 күнүгэр, Дьокуускай куоракка күүстээх тыал түһэр.
Манан сибээстээн , «Якутскэнерго» үлэһиттэрэ Дьокуускай куорат олохтоохторун алдьаммыт уот ситимнэрин тыытымаҥ диэн сэрэтэллэр. Итиэннэ быстыбыт боруобакка чугаһаабаккытыгар сүбэлииллэр. Быстыбыт боруобакка 8 миэтэрэ чугаһаатахха, улахан кутталы үөскэтэҕин дииллэр.
Уот ситимэ быстыбытын, кутталлаах түгэн үөскээбитин көрдөххүтүнэ, «Якутскэнерго» диспетчердэрин сулууспатыгар +7(4112) 21-55-68 нүөмэргэ, эбэтэр Дьокуускай куорат дьуһуурунай диспетчердэригэр +7(4112)44-42-29, +7(4112)44-42-51, +7(4112)44-45-64 нүөмэрдэринэн эрийэн биллэриҥ. Энергосбыт нүөмэрдэрэ 8-800-100-22-05, +7 (4112) 49-84-98. Улуустар оройуоннааҕы уот ситимин киинигэр эрийиэхтээххит!
Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1