«Якутоптторг» хампаанньа арктика улуустарыгар уу суолунан 1300 т. тахса социальнай суолталаах аhы-үөлү тиэрдиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлкэ суударыстабыннай хааччыйыы кэмитиэтин сорудаҕынан «Якутоптторг» АУо 2018 сыллааҕы навигация устата 1324,4 туонна социальнай суолталаах аhы-үөлү, ол иһигэр 999,9 туонна бурдугу, итиэннэ 85,2 туонна атын араас бородууктаны, уу суолунан тиэйэр соруктаах.

Бэс ыйын 28-с күнүгэр бородуукта аҥара тиийиэхтээх сиригэр тиксэриллиннэ. Ол курдук, Ньурба улууһугар 163,8, Сунтаарга 216,4, Үөһээ Бүлүүгэ – 124 туонна бурдугу аҕаллылар.

Быйылгы былаанынан хампаанньа «Мукомол» ХЭУо-тан 472,5 туонна бурдугу атыылаһар соруктаах. Күн бүгүн бу оҥорон таһаарааччы 337,5 туонна бурдугун 5 вагонунан тиэйэн «Аллараа Бэстээх» станциятыгар аҕаллылар.

Бэс ыйын 5-с күнүгэр Новосибирскайтан Халыма улуустарыгар 126, 2 туонна бурдугу ыыттылар. Владивостогу, Магаданы уонна Сеймчаны нөҥүөлээн кэлиэхтээх табаар Черскэй бөһүөлэгэр уонна Орто Халыма куоратыгар от ыйын саҥатыгар тиэрдиллэрэ былааннанар.

Бэс ыйын 28 күнүгэр диэри «Якутопторг» хампаанньа аатыгар социальнай суолталаах ас-үөл, 77, 7 % тиксэрилиннэ: оруос бурдук, куруппа, бороһуок үүт, туус, уут, эт кэнсиэрбэтэ, үүнээйи арыыта, макарон оҥоһуктар, саахар, чэй уо д а.

Хотугу улуус олохтоохторун сибиэһэй оҕуруот аһынан уонна атын, кылгас кэмҥэ хараллар болдьохтоох аhынан-үөлүнэн хааччыйар туһуттан, тэрилтэ рефрижератордаах контейнердарын ахсаанын хаҥатар. Ол курдук, бэс ыйын 19-с күнүгэр Владивостоктан Халыма оройуонун нэһилиэктэригэр оҕуруот аһын уонна фруктаны тиэммит быйыл атыылаһыллыбыт икки рефконтейнер аттанна. Маныаха Черскэйгэ 12,8 туонна таһаҕас тиэрдиллиэҕэ, 7,1 туонна Орто Халымаҕа уонна 5,2 туонната —Зырянкаҕа анаммыттар.

Бэйс ыйын 25-с күнүгэр Дьокуускайга өссө биир оҕуруот аһын, балык кэнсиэрбэтин тиэммит 40 туонна уйуктаах рекфконтейнер кэллэ. Бу таһаҕас Арктика уонна Хоту сытар улуустарга ыытыллыаҕа. Эмиэ онно 25 туонна Новосибирскайга оҥоһуллубут үүтү, утаҕы, кэнсирбэни уонна кондидерскэй оҥоһуктары ыытыахтара.

2018 сыл сайыныгар Аарктика навигацията Тиксиигэ диэри от ыйын 28-с күнүттэн саҕаланыа5а, от ыйын 31 күнүттэн—Дьааҥы улуустарыгар, атырдьах ыйын 5 күнүттэн Индигиир, оттон атырдьах ыйын 10-тан Халыма улуустарыгар.

Өлүөнэ өрүс аллараа сүнньүгэр сытар Сангаар, Эдьигээн, Сииктээх, Күһүүр олохтоохторугар «Якутоптторг» тэрилтэ таһаҕаьы атырдьах ыйын 15-с күнүгэр ыытыаҕа. От ыйын саҥатыгар 475, 4 туонна социальнай суолталаах аhы-үөлү Арктика уонна Хоту сытар улуустарга уунан тиксэрии иккис болдьоҕор, котировка ыытыллыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0