«Якутлесресурс» — айылҕа харыстабылыгар

17.12.2021
Бөлөххө киир:

«Якутлесресурс» судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ (ГАУ) — судаарыстыбаннай сорудах чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойууру саҥардар, харыстыыр, араҥаччылыыр аналлаах. Тэрилтэ састаабыгар өрөспүүбүлүкэ 21 оройуонугар уонна Дьокуускай куоракка баар 22 салаа киирэллэр. Уопсайа 252 үлэһиттээх. Ону таһынан, баһаар кутталын кэмигэр сезонунан үлэлиир 223 киһи ылыллар.

edersaas.ru

Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан, эбии 25 суоппар уонна тырахтарыыс штаттара көрүллүбүтэ. Ойуур баһаарын ыстаансыйаларын үлэһиттэрин уопсай ахсаана 324 киһиэхэ тэҥнэһэр (ойуур бастайааннай баһаарынньыктара – 101 киһи, баһаар кэмигэр эрэ үлэлээччилэр – 223 киһи), үлэһитинэн хааччыллыы нуорматтан 57% ылар. Арассыыйа бырабыыталыстыбатын 2019 сыллааҕы от ыйын 19 күнүнээҕи дьаһалынан, ойуур баһаарынньыктарыгар нуорма — 564 киһи. Манна даҕатан эттэххэ, эһиилги баһаардарга бэлэмнэнии үлэтин чэрчитинэн, өссө эбии 463 ойуур бастайааннай баһаарынньыгын эбэр туһунан Саха сирин бырабыыталыстыбатыгар этии киллэрэн, тустаах үлэ бара турара кэрэхсэбиллээх.

Судаарыстыба сорудаҕын дьаһалларын толоруу чэрчитинэн, ойуурга баһаартан куттал суох буоларын хааччыйарга, ойуур баһаарын умулларарга, ойуур хаһаайыстыбатын үлэлэрин ыытарга тэрилтэҕэ сүрүн оруол ууруллар.
Судаарыстыба сорудаҕын толорорго федерация бүддьүөтүттэн үбүнэн хааччыйыы 2019 уонна 2020 сылларга 705,5 мөлүйүөн солкуобай этэ (ол иһигэр, 2019 сылга – 393,5 мөлүйүөн. солкуобай, 2020 сылга — 311,9 мөл. солкуобай), үлэ кирэдьииккэ иэһэ суох барыта толорулунна.


Ойуур баһаарын умулларыы

Баһаар турар кутталлаах кэмигэр тэрилтэ ойуур баһаарын умулларар үлэни сирдээҕи зонаҕа эрэ буолбакка, салгынынан көтүүгэ эмиэ хааччыйар.
Ол курдук, «Якутлесресурс» 2019 сыллаахха 21 291,1 гаттан тахса уопсай иэннээх сиргэ 177 ойуур баһаарын умулларарга кыттыбыта. Уопсай хоромньута 134,92 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспитэ. 2020 сылга тэрилтэ 347 ойуур баһаарын умулларарга кыттыбыта. Онно ойуур баһаарын умулларарга барыта
5 740 киһи (ол иһигэр, тэрилтэ 168 үлэһитэ, 223 быстах кэмҥэ үлэлээччи, олохтоох нэһилиэнньэттэн хомуллубут 5 349 киһи) үлэлээбитэ. Барыта 616 тиэхиньикэ кыттыбыта.
Атын дьон (ол иһигэр олохтоох нэһилиэнньэттэн) ах­­саана элбииригэр биллэр оруолу өрөспүүбүлүкэ хотугу уонна Арктика оройуоннарыгар ойуур баһаарын умулларар су­­лууспа салаалара суоҕа оонньоо­бута. 2018 сылы кытта тэҥнээтэххэ, атын үлэһит ахсаана 1733 киһинэн элбээбитэ (70 %).
Үлэ түмүгүнэн 2019 уонна 2020 сылларга тэрилтэ ойуур баһаарын умулларарга кирэ­дьииккэ иэһэ суох. Бэлиэтээн эттэххэ, 2019 сыллаахха кирэ­дьииккэ 10,0 мөлүйүөн кээмэйдээх урукку иэстэри саппыппыт.
2021 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар 1696 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Ойуур баһаарын умулларарга барыта 12765 киһи тардыллыбыта. Ол иһигэр, 3949 – Авиалесоохрана; 1443 – ойуур харыстабыла; 601 – Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ; 6772 – МОБ. Барыта 618 тиэхиньикэ үлэлээбитэ.
Тэрилтэ үлэһиттэрэ ойуур баһаара тахсыбыт, ыксаллаах балаһыанньа үөскээбит сирдэригэр, чуолаан 14 муниципальнай оройуоҥҥа 58 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа үлэлээбиттэрэ:
Үөһээ Бүлүү оройуонугар – Далыр, Хоро, Хомустаах, Кырыкый сэлиэнньэлэригэр, Чапаев, Бүтэйдээх учаастактарыгар;
Бүлүү оройуонугар – Үгүлээт, Сатаҕай сэлиэнньэлэригэр;
Горнай оройуонугар – Атамай, Одуну, Солоҕон, Дьиикимдэ, Маалтааны, Октябрьскай, Маҕаны, Бэрдьигэстээх, Кировскай сэ­­лиэнньэлэригэр;
Өймөкөөн оройуонугар – Уус Ньара, Өймөкөөн бөһүөлэктэригэр, Томтор сэлиэнньэтигэр;
Мииринэй оройуонугар – Садын национальный эбэҥки нэһилиэгэр;
Нам оройуонугар – Таастаах, Фрунзе сэлиэнньэлэригэр;
Ньурба оройуонугар – Араҥастаах, Ньурбачаан, Маар, Кангаласс, Үөдэй сэлиэнньэлэригэр;
Кэбээйи оройуонугар – Сангаар бөһүөлэгэр, Сииттэ, Кальвица, Кэбээйи сэлиэнньэлэригэр;
Сунтаар оройуонугар – Кэм­пэндээйи бөһүөлэгэр, Сиэйэ, Түбэй, Бүлүүчээн, Кутана, Кириэстээх, Куокуну, Хоро, Дьаархан сэлиэнньэлэригэр, Тумул, Күүкэй, Ыгыатта учаастактарыгар;
Таатта оройуонугар – Ытык Күөл, Уолба, Боробул, Чымнаайы сэлиэнньэлэригэр;
Томпо оройуонугар – Хаандыга, Охотскай Перевоз бөһүөлэктэригэр, Мэҥэ Алдан, Кириэс Халдьаайы, Ударник сэлиэнньэлэригэр;
Уус Алдан оройуонугар – Кыллаайы, Балыктаах, Бээрийэ сэлиэнньэлэригэр;
Уус Маайа оройуонугар – Эльдикээн бөһүөлэгэр;
Чурапчы оройуонугар – Мэлдьэхси учаастагар.
2021 сыл баһаар кутталын кэмигэр «Якутлесресурс» кыттыылаах 430 ойуур баһаара умулларылынна. Бу хаһааҥҥытааҕар даҕаны ахсаанынан элбэх, улахан баһаардарга «Якутлесресурс» үлэһиттэрэ ыам ыйын 11 күнүттэн балаҕан ыйын 27 күнүгэр диэри тохтобула суох, түүннэри-күнүстэри үлэлээн кэллилэр. Баһаары умулларыы олус ыарахан уонна кытаанах дьаныары, дьулууру эрэйэр үлэ. Ол иһин да буолуо, бэйэлэрэ да аҕыйах ах­сааннаах буоллахтарына, үлэттэн уурайыы элбэхтэ бэлиэтэнэр. Ол суотугар ойуур баһаарын умулларарга дьону тардарга өҥөнү оҥоруу үлэтигэр уонна доку­муоннары оҥорууга юридическай сирэйдэри кытары 35 дуогабар түһэрсилиннэ. Итиннэ олоҕуран, олохтоох нэһилиэнньэттэн 15016 киһи кытынна.
Олохтоох нэһилиэнньэттэн хомуллубут дьоҥҥо — 10 614 киһиэхэ 235 138,57 тыһыынча суумалаах төлөбүр оҥоһулунна. Билигин «Якутлесресурс» олохтоох нэһилиэнньэттэн хомуллубут дьоҥҥо ылыллыбыт эбэһээтэлистибэнэн иэһэ 4 402 ки­­һиэхэ 184 460,21 тыһыынча солкуобайга (90 ойуур баһаарыгар) тиийдэ. Бу иэс, бастатан туран, РФ бырабыыталыстыбатын саппаас пуондуттан федеральнай үп киирдэҕинэ төлөнүллүөхтээх. Билигин РФ Үбүн министиэристибэтигэр сөбүлэһиигэ сылдьар.
Сыл аайы бэлиэтэнэринэн көрдөххө, ойуур баһаарын умулларарга уопсай ороскуоттан улахан чааһа олохтоох нэһилиэнньэттэн хомуллубут дьон өҥөнү оҥоруутугар уонна юридическай сирэйдэр тырааныспардарын өҥөлөрүгэр барар.
Итинтэн да көстөрүнэн уонна статистика көрдөрөрүнэн, идэлээх каадырдар тиийбэттэр.

Ойуур харыстабылыгар судаарыстыба сорудаҕын толоруу

Ойуур баһаарын умулларыы курдук олус ыарахан, сыраны-сылбаны эрэйэр, уоп­пуската суох үлэни сэргэ, аны «Якутлесресурс» үлэһиттэрэ бы­­йылгы сылга судаарыстыба сорудаҕын чэрчитинэн маннык үлэлэри ыыттылар:
— Баһаары утары минерализованнай балаһалары оҥоруу – 233 км;
— Баһаары утары охсуһар минерализованнай балаһалары ыраастааһын уонна саҥардыы — 762 км;
— Сэрэтэр үлэни ыытарга хаппыт лабаалары, ойуур тэлгэҕин, хаппыт оту уо.д.а. уматан ­ыраастааһын – 15 000 га
— Баһаары утары охсуһар быһа барар солооһуннары ууруу – 46 км;
— Баһаары утары охсуһар быһа барар солооһуннары ­ыраастааһын – 321,5 км;
— Баһаартан куттал суох буоларыгар миэрэлэр тустарынан истиэндэлэри, араас бэлиэлэри уонна ыйар бэлиэлэри оҥоруу – 30 устуука;
— Ойуурга сылдьар дьон сынньанар зоналарын тупсарыы — 230 ед;
— Баһаары утары охсуһуу туһунан листовкалары тарҕатыы – 13 057 устуука;
— Шлагбаумнары туруоруу, харгыстары оҥоруу – 74 устуука
— Айылҕа бэйэтэ оһорунарыгар көмөлөһүү – 2 353,67 га.
— Лесопатологическай чинчийии – 10 000 га.
Бу барыта уоппуската, өрөбүл күнэ да суох үлэлииргэ күһэллэр

Тиэхиньикэнэн хааччыллыы

«Якутлесресурс» тэрилтэ баһаары умулларар 358 тиэхиньикэлээх. 2019-2021 сылларга эбии ойуур баһаарын умулларар уонна ойуур хаһаайыстыбатын 176 тиэхиньикэтэ атыылаһылынна.
Бэлиэтээн эттэххэ, 2020 сылга РФ Оборуонаҕа министиэ­ристибэтэ СӨ бас билиитигэр биэрбит байыаннай тиэхиньикэтин учуокка ылыы үлэтэ түмүктэннэ. Бу улахан үлэ өссө 2015 сылтан саҕаламмыта. Барыта 64 байыаннай тиэхиньикэ судаарыстыба учуотугар турда. Ону таһынан, 2021 сылга бу тиэхиньикэлэри өрөмүөннүүр үлэлэр ыытылыннылар.

Солооһуну кэрдии уонна ыраастааһын

«Якутлесресурс» тэрилтэ бүддьүөтү таһынан үлэтэ сайдарыгар биллэр кылааты линейнэй эбийиэктэри тутуу, саҥардыы, туһаныы зоналарыгар солооһуну оҥоруу өҥөлөрө эмиэ киирэллэр.
2021 сылга тэрилтэҕэ до­­хуот былаана 37 953,73 тыһыынча солкуобай.
2020 сылга солооһуну оҥоруу уонна ыраастааһын курдук бигэ дохуоттаах хайысха нам­тааһына, бастатан туран, коронавирус инфекциятынан сибээстээн үөскээбит эпидемиологическай балаһыанньаттан сылтаан, элбэх тэрилтэ үлэтин тохтоппутун эбэтэр хааччахтаабытын кытта си­­бээстээх.

Ойууру чөлүгэр түһэрии

2020 сылга тэрилтэ РФ федеральнай сокуонун ирдэбилинэн уонна ойууру чөлүгэр түһэрии быраабылаларынан, 250 га сиргэ ойууру чөлүгэр түһэрэр үлэлэри ыытта.
Ойууру чөлүгэр түһэрии искусственнай уонна комбинированнай үлэлэрэ Дьокуускай (60 га) уонна Нерюнгри (190 га) ойуурун хаһаайыстыбаларын учаастактарыгар ыытылыннылар. Манна сиэмэни олордуу уонна сиэмэттэн үүммүт үүнээйини олордуу ньымалара туһанылыннылар.
Олордуллар матырыйааллар Хабаровскай кыраайга уонна Иркутскай уобаласка бииргэ үлэлиир тэрилтэлэрбититтэн атыылаһылыннылар.
Сакаасчыктар — энэргиэтикэ уонна хайа хостуур салаа бөдөҥ тэрилтэлэрэ. Үлэлэр биир кэлимник, учаастактары сыны­йан көрүү уонна талыы түһүмэҕиттэн саҕаланнылар.

2022-2024 сылларга үлэ былааннара

Ойууру саҥардыыга, ха­­рыстааһыҥҥа, судаарыстыба сорудаҕын кээмэйин кэмигэр уонна хаачыстыбалаахтык толоруу соруга турар.
Нуорма ирдэбиллэринэн, ойуур баһаарын умулларарга үлэһиттэр ахсааннарын түһүмэҕинэн элбэтии.
Тэрилтэ материальнай-тиэхиньиичэскэй базатын бөҕөргөтүү.
Саха сиригэр Ленскэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарын сирдэригэр ойуур питомниктарын оҥорон, ойууру чөлүгэр түһэриини сайыннарыы.
Сири туһаныы бары хайысхаларыгар үлэни актыыбынайдык ыытыы.

* * *

Бэҕэһээ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Анал этиитигэр баһаары бохсуу үлэтэ үгүс улуустарга хайдах курдук ыараханнык барбытын бэлиэтээтэ.
«Кыһалҕа үгүс — тиэхиньикэ, атын ресурс тиийбэт. Маныаха биһиги үбүлээһин уонна үлэни тэрийии хамсааһынын быһаарыахпытын наада. Маны кытта ойууру чөлүгэр түһэрии туһунан уонунан сылларга быһаарыллыбатах боппуруос турар. Онон научнай-внедренческэй, технологическай баазаны оҥоруохха, исписэлиистэри бэлэмниэххэ наада. Өр кэмнээх комплекснай бырагыраама толкуйданара то­­ҕоостоох. Бырагыраамаҕа «Хоту» научнай-үөрэтэр киин тыаны үөрэтэр учуонайдара тыа ха­­һаайыстыбатын ресурстара, экэниэмикэ сиэктэрин партнердара кыттыһыахтара», — диэтэ.
Эбэн эттэххэ, Саха сиригэр 2022 сылга ойуур харыстабылыгар федеральнай бүддьүөттэн үп 5,5 төгүл элбээн, 1 млрд 619 мөл. солк. көрүллүөҕэ.

«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан «Якутлесресурс» пресс-сулууспата.

«Якутлесресурс» пресс-сулууспатын хаартыскалара     Алроса окон тексты

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0