Общественник Антон Васильевка “Сыл киһитэ-2016” буолбут бирииһигэр буокка бытыылкатын туттарыы боппуруоһугар дьон санаатын этэрэ бүгүн да тохтообото.
Бүгүн “Дархан” буокканы оҥорон таһаарар “Якутия” ФАПК хоруйун таһаарда. Хампаанньа генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Туйаара Алексеева «Фейсбукка» суруйуутун ааҕыҥ.
Туйаара Алексеева, хампаанньа генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы:
- “Якутия” ФАПК бу бырайыакка дьону СМИ нөҥүө анкеталааһын, сырдатыы үлэтин үбүлээбитэ. Бириэмийэ судаарыстыбаннай буолбатах, общественнай. Биллэн турар, бэлэх быһыытынан буокканы ылары сорохтор сөбүлээбэттэр. Ол эрэн ити бириис буолбатах, тэрийээччилэртэн сэмсэ бэлэх. “Хеннеси” курдук биллэр арыгы хампаанньалара чаастатык араас бириэмийэни спонсордыыллар уонна бэйэлэрин бородууксуйаларын бэлэхтииллэр эбээт. Аныгыс сырыыга учуоттуохпут. Үтүө дьыаланы салгыы өйүөхпүт, бэлэх быһыытынан бородууксуйабытын биэрэри тохтотуохпут. Бу мучумаан кэмигэр Антону өссө элбэх киһи билбитин, кини үлэтигэр болҕомтотун хатаабытын олус астынным. «Эдэр саас» сайт Антону харчынан бириэмийэлиир көҕүлээһини өйөөбүтэ наһаа үчүгэй. Общество бу уолу бэлиэтиир кэмэ кэлбитэ ыраатта.
Савва Михайлов: “Бириэмийэни үбүлүөхпүтүн сөп”
Бу боппуруоска санаатын СӨ гражданскай көҕүлээһини сайыннарыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Савва Михайлов эмиэ этиннэ:
- Көхтөөх общественниктары буокканан наҕараадалыыр сыыһа. Дьиҥэр, куонкурус идеята үчүгэй. Өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык номинацияҕа тиксиэн сөптөөх киһибит элбэх. Тэрийээччилэр (“Жизнь Якутска” хаһыат – аапт. ) бэйэлэрин күүстэригэр суоттаммыттара эрэ сөбө суох. Туох да диэбит иһин, “национальнай бириэмийэ” диэн статус өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторуттан бастыҥы сыымайдыырыны ирдиир. Ити элбэх күүһү, үбү эрэйэр.
Кини этэринэн, министиэристибэ маннык общественнай көҕүлээһини өйүүргэ өрүү бэлэм. Тэрээһинин таһынан, үбүнэн-харчынан көмөлөһүө – тэрийээччилэр коммерческайа суох тэрилтэлэргэ ананар граннарга кыттыахтарын наада.
“Сыл бастыҥ киһитигэр бэриллэр бириис дьоһун, бар дьоҥҥо ытыктанар киһи таһымыгар сөп түбэһэр буолуохтаах” – диэн миниистири солбуйааччы түмүктээтэ.