«Якутия» авиахампаанньа генеральнай дириэктэринэн Андрей Винокуров ананна

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, сэтинньи 9 күнүгэр, «Якутия» авиахампаанньа дириэктэрдэрин сэбиэтэ  генеральнай дириэктэр дуоһунаһыгар  Андрей Винокуровы бигэргэттэ.  Кини балаҕан ыйыттан  хампаанньа генеральнай дириэктэрин э.т. быһыытынан үлэлээбитэ. Бу салааҕа үлэлээбитэ 15 сыл буолбут.

Санатар буоллахха, быйыл  балаҕан ыйыгар «Якутия» авиахампаанньа генеральнай дириэктэрэ Владимир Горбунов дуоһунаһыттан уурайарын туһунан сайабылыанньаны суруйбута.  Онон сибээстээн, Андрей Винокуров  хампаанньа  генеральнай дириэктэрин э.т. анаммыта.

Үлэтэ:

04.2006 – 11.2010 сс. — «Якутия» авиахампаанньа инвестиционнай бырайыактарын исписэлииһэ;

11.2010 – 02.2015 сс. — «Якутия» авиахампаанньа инвестиционнай былааннааһыҥҥа дириэктэрэ;

02.2015 – 11.2018  сс — «Полярные авиалинии» авиахампаанньа  генеральнай дириэктэрин  экэнэмиэкиҕэ  солбуйааччыта;

11.2018 – 02.2021 сс — «Якутия» авиахампаанньа  кэмиэрчэскэй дириэктэрэ;

02.2021 сылтан  — «Якутия» авиахампаанньа  генеральнай дириэктэрин солбуйааччы.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0