Маны аах Тырааныспар

«Якутия» авиахампаанньа билиэт сыанатын 40% түһэрдэ

Балаҕан ыйын 9-11 күннэригэр «Якутия» авиахампаанньа Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ устун көтүүгэ билиэт сыанатын 40% түһэрэн атыылыырын туһунан биллэрдэ.

Балаҕан ыйын 9 күнүттэн алтынньы 29 күнүгэр көтөр былааннаах дьон бу күннэргэ сөмөлүөт каассаларын манаһыахтара. Сорох дьон бу  үгэс буолбут сыана түһүүтүн кэтэһэн, айанныыр билиэттэрин ылбакка сылдьар.

Авиабилиэттэри хампаанньа саайтыттан эбэтэр  8 (800) 700-21-90 төлөпүөҥҥэ эрийэн, ону тэҥэ бары каассаттан атыылаһыахха сөп.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.

Хаартыска — СИА.

0
0
Telegram Whatsapp