Бэҕэһээ тохсунньу 21 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ көтөр кыната «Якутия» авиахампаанньа 17-ис төрөөбүт күнүн туолла. Ол туһунан авиахампаанньа иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
2002 сыллаахха СӨ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан «СахаАвиа» уонна “Якутские авиалинии” авиахампаанньа баазатыгар «Якутия» авиахампаанньа тэриллибитэ. 2003 сыл тохсунньу 21 күнүгэр Ту-154М бастакы сырыыны оҥорон, Дьокуускайтан Москваҕа көппүтэ.
17 сыл иһигэр сөмөлүөттэр саҥардыллан, авиахампаанньа көтөр хайысхата быдан кэҥээтэ. Күн бүгүн ыраах айаҥҥа Boeing 737NG (-700, -800), чугас куораттарга Сухой Суперджет 100, эрэгийиэн иһигэр Bombardier Dash 8 Q300 сөмөлүөттэр көтөллөр.
Авиахампаанньа 1100 үлэһиттээх, ол иһигэр лүөччүктэр, авиатиэхиньиктэр, айанньыттары арыаллааччылар, менеджердэр – кинилэр бары салгын сырыыта куттала суох буоларын туһугар үлэлииллэр.
«Саха сирэ», edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1