«Якутия» АХ: Сайаапка эрдэттэн түһэриллибитэ

Бөлөххө киир:

Олунньу 15 күнүгэр Росавиация федеральнай бүддьүөттэн субсидияны туһанан,  Уһук Илин эрэгийиэннэрин олохтоохторун чэпчэтиилээх билиэттэринэн хааччыйар авиахампаанньалар испииһэктэрин  таһаарбыта.

Хомойуох иһин, бу испииһэккэ  Дьокуускайтан Москваҕа көтүүгэ  субсидия көрүллүбэтэҕэ быһаарыллыбыта.

Онуоха  «Якутия» АХ туһааннаах боппуруоһунан: «Хампаанньа   Нерюнгри – Москва – Нерюнгри,  Дьокуускай  – Москва – Дьокуускай, Дьокуускай  – Санкт-Петербург – Дьокуускай хайысхаларынан көтүүгэ эрдэттэн сайаапка түһэрбитэ», — диэн иһитиннэрдэ.

Росавиация быһаарыытынан, туһааннаах авиахампаанньа чэпчэтиилээх билиэттэринэн Уһук Илиҥҥэ олорор бары категория гражданнара Нерюнгри – Москва – Нерюнгри хайысхатынан  туһаныахтарын сөп. Квота туһунан этэр буоллахха, суудуна экэнэмиичэскэй солуонугар уопсай миэстэттэн 10 бырыһыанын чэпчэтиилээх билиэттэр ылыахтара.

Оттон Дьокуускай  – Москва – Дьокуускай, Дьокуускай – Санкт-Петербург – Дьокуускай хайысхатынан федеральнай үп-харчы тиийбэтинэн квота көрүллүбэтэх.

Билигин Дьокуускайтан чэпчэтиилээх билиэттэргэ квотаны көрүүгэ  Росавиацияны кытары кэпсэтии, сүбэлэһии ыытыллан эрэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0