“Якутия 24” цифровой биэриигэ көстүөҕэ

Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн,  «Якутия 24» телеханаал цифровой  биэриигэ көстөр буолуоҕа.

edersaas.ru

Сэтинньи 29 күнүттэн «Якутия 24» эрэгийиэннээҕи телеханаал ОТР федеральнай ханаалга күн ахсын сарсыарда 6 чаастан 9-ка диэри уонна киэһэ өттүгэр 17 чаастан 19 чааска диэри көстүөҕэ.

Сэтинньи 15 күнэ үүнэр түүнүгэр “СӨ тэлэбиидэнньэнэн биэрии киинэ” РТРС филиала федеральнай бастакы мультиплекс сигналларын уларытыыга бэлэмнэнии үлэлэрин ыытта.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0