Ыҥырыыга сылдьар фокусник оҕо

Ааптар: 
11.12.2019
Бөлөххө киир:

“Саха сатаабатаҕа суох” диэн хаһан эрэ этэн кэбиспит бэргэн ­этиилэрин бүгүн суру­йар эдэркээн оҕом итэҕэтэр. Дима Барашков – оскуола үөрэнээччитэ. Нэһилиэгэр ыҥырыыга сылдьар ыалдьыт, кырачааннарга — алыптаах дьоруой. Кини кимий? Тугунан дьарыктанарый?

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 Тоҕус томтордоох Чурапчы уола

Дима — тоҕус томтордоох Чурапчы сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох Барашковтар дьиэ кэргэн улахан оҕолоро. Семен Новгородов аатынан Чурапчы 1-гы нүөмэрдээх оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ. Балта Василий Босиков аатынан СӨ Муусука үрдүкү оскуолатын үөрэнээччитэ, быраата уһуйаан иитиллээччитэ. Дима иллэҥ кэмигэр фокуһунан, баскетболунан дьарыктанар, гитаараҕа оонньуур. Ол эрээри, сүрэҕэ сытар дьарыга – фокус.

Биир бэлэхтэн сиэттэрэн

“Фокуһунан хаһааҥҥыттан, хайдах дьарыктанар буолбуккунуй? Ким үөрэппитэй? — диэн ыйытыыбар уһуннук толкуйдуу барбакка:

Алын кылаастарга үөрэнэр сылларбар быһыылааҕа, эдьиийим төрөөбүт күммэр фокусник наборун бэлэх ууммута. Ураты бэлэҕи тутан, олус үөрбүтүм. Онтон ыла интэриэһиргээн барбытым. Интэриниэтинэн аан дойду биллиилээх фокусниктарын көрөр, үтүктэ сатыыр, анал литэрэтиирэни хасыһан ааҕар буолбутум, — диэн кэпсээнин саҕалыыр.

Маҥнайгы фокус

Дима умсулҕаннаахтык дьарыктанан, баардааҕа өтөн, уһуннук кэтэһиннэрбэккэ, бастакы түмүктэр көстөн барбыттара. Ол курдук, аан маҥнай доҕотторун соһуппут күнүн бу баардыы өйдүүр. Өскөтүн, атыттар арыый судургу, кыра кээмэйдээх, хаартыны кытта сибээстээх фокустартан саҕалыыр эбит буоллахтарына, Дима бэйэтэ да билбэтинэн, тута улахаҥҥа ылсыбыт. Балачча уһун кэм бэлэмнэнэн, доҕотторун хараҕын далыттан былааты “сүтэрбит”. Биллэн турар, фокуһу хаһан даҕаны харахтаан көрбөтөх оҕолор онтон улаханнык соһуйбуттар, тута кистэлэҥин арыйарыгар көрдөспүттэр.

Оттон элбэх дьон иннигэр тахсыы — эмиэ бэйэтэ туспа долгу­йуу этэ диэн Дима ахтар. Ол курдук, тустаах көрүҥүнэн сыанаҕа аан маҥнай сэттис-ахсыс кылаастарга үөрэнэр сылларыгар тахсыбыт. Хаартыны кытта сибээстээх кыра фокуһу көрдөрбүт. Оччотооҕу маҥнайгы долгуйуу умнуллубаттык өйүгэр хатанан хаалбыт.

Биир да күн сынньалаҥа суох

Дьон иннигэр үлэлиир иллюзионистар барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдууллар. Кинилэргэ биир уоппуска, сынньалаҥ күнэ диэн суох. Инникигэ дьулуһар киһи иҥэриммит үөрүйэҕин, сатабылын умнубат туһугар, илиитин араарбакка дьарыктанар. Дима эмиэ кинилэртэн уратыта суох. “Иллэҥ кэм көһүннэр эрэ, биир даҕаны күн сынньалаҥа суох эрчиллэбин. Мин санаабар, фокус толкуйдуур дьоҕуру, фантазияны сайыннарар. Тоҕо диэтэххэ, саҥаттан-саҥа, сонун нүөмэргэ үөрэнэр, айар ирдэнэр”, — диэн этэр. Өскөтүн маҥнайгы фокустарын көрөн үөрэммит эбит буоллаҕына, билигин номнуо бэйэтэ айарга холонор.

Саха сиригэр фокусниктар балачча элбэхтэр. Бэйэлэрин икки ардыларыгар куонкурустары тиһигин быспакка тэрийэллэр. Аныгы кэмҥэ интэриниэт хото сайдан эбитэ дуу, бу көрүҥү үгүс оҕо сэҥээрэн эрэр, дьиэлэриттэн тахсыбакка олорон үөрэнэр кыахтаннылар.

Дима: “Дьарыктанар остуолбар өрүү хаарты, фокустуурга туһаныллар сценическэй маллар, ааҕар кинигэм уонна көмпүүтэр бааллар. Хаһан санаатым даҕаны кинигэбин арыйа баттыыбын, интэриниэти көрөбүн. Онон куруутун эрчиллэбин”, — диэн кэпсиир.

Өскөтүн аныгы ыччат сиэп төлөпүөнэ суох сатаммат эбит буоллаҕына, Дима үрүксээгэр үөрэнэр тээбиринин сэргэ, өрүү хаартыларын уонна фокуска чугастан көрдөрөргө туттуллар малларын укта сылдьар.

“Баҕалаах маска ыттар”

Биһиги көрдөхпүтүнэ, көннөрү фокус курдук. Дьиҥэр, фокусник хас биирдии хамсаныытын сөкүүндэтигэр тиийэ суоттанар. Сорохтор фокуска улахан оруолу сымса илии быһаарар дииллэр эрээри, Дима, итини таһынан, нүөмэриҥ дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэнэрин туһугар, фокус кэмигэр дьону аралдьытар ирдэнэр диэн быһаарар. Ол бэйэтэ туспа сатабыллаах, кистэлэҥнээх. Биллэн турар, ону ыраас мууска ууран биэрэртэн кыккыраччы аккаастанна. Алтыс-сэттис кылаастан саҕалаабыт буолан, билигин балачча баай ис хоһоонноох фокустардаах. Инникитин, дьарыгын кытта сибээстээх улахан бырайыактаах.

Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустарга хото кыттар, “Бриллиантовые нотки” куонкуруска I истиэпэннээх лауреат аатын ылан, Кытайга норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ барар путевканы туппута.

Кистэлэҥ хамнас

Билигин эдэр фокусник сэлиэнньэтигэр ыҥырыыга сылдьар ыалдьыт. Бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Кыралаан килиэбин харчытын булунар диэни истэн, былырыын төһөнү “өлөрдүҥ”, диэн араастаан үтэн-анньан көрдүм да, чопчу “бачча” диэн кистэлэҥин арыйбата. Сөп ээ, артыыс кистэлэҥэ буоллаҕа. Ол эрээри, тыа сиригэр, саҥа саҕалыыр оҕоҕо сөптөөх хамнас дэһэллэр. Оскуола оҕото күннээҕи килиэбин харчытын булунара саныахха да үчүгэй!

Итинтэн сиэттэрэн, аныгы ыччат бэйэтин сатабылынан, дьоҕурунан хамнас аахсар кыахтаах дуо, диэн туоһуласпыппар:

Сөптөөх ыйытыы. Мин санаабар, ыччат бэйэтин интэриэһинэн айаҕын ииттиэн сөп. Саамай сүрүнэ, баҕа уонна күүстээх дьарык эрэ ирдэнэр”, — диэн сэһэргэһээччим хоруйдуур. Ити курдук, аныгы оҕо хамнаска, үлэҕэ толкуйа ураты.

Доҕордуулар

Манна даҕатан эттэххэ, “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччылара, бука, өйдүүр буолуохтааххыт, аҕыйах сыллааҕыта Ньурба Маарыттан төрүттээх Дьулустаан Павлов диэн эмиэ фокусник оҕо туһунан суруйан турабыт. Үгүстэр ол оҕо билигин ханна тиийбитин, тугунан дьарыктанарын туоһулаһаллар. Дьулустаан оскуоланы бүтэрээт, Арктика уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар артыыс идэтигэр киирбитэ, ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар. Көрөөччүлэри сөхтөрөр саҥаттан-саҥа, сонун фокустары айар. Дималаах Дьулустаан бэйэ-бэйэлэрин оскуола саҕаттан билсэллэр, доҕордуулар.

Түмүк

Быйыл Дима оскуоланы бүтэрэр эппиэттээх сыла. Сэмээр, ханнык эксээмэннэри таллыҥ диэн ыйыппыппар: “Математиканы, нуучча тылын таһынан нуучча литэрэтиирэтин таллым. Олохпун култуура, искусство, артыыс үлэтин кытта ситимниир санаалаахпын”, — диир. Итиэннэ Динамо курдук аан дойду аатырбыт иллюзиониһын кытта илэ көрсөр ыралаах. Эдэркээн фокусникка ситиһиилэри баҕарабыт.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0