Быйылгы Туймаада ыһыаҕар элбэх турист кэлбит. Кинилэри киһи үгүс дьон ортотуттан тута араарар.
Бэрт улахан рюкзактарын сүгэ сылдьар дьону кытта көрсөн, хантан сылдьалларын туоһуластым. Антон Кротов Москва олохтооҕо эбит. Айанньыт, 62 кинигэ ааптара.
— Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр уонна аан дойду 130 дойдутугар сылдьыбытым. Ыһыахха сылдьан баран, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ айанныам. Саха сирин арҕаа өттүн кытта билсэр былааннаахпын, — диэн турист кэпсиир.
Игорь Лысенков араас сирдэринэн айаннаабыта 20-тэн тахса сыл буолбут. Саха сиригэр 6-с сылын сылдьар. Халыма, Бүлүү трассаларынан айаннаабыт уопуттах эбит. Ыһыах туһунан туристар бииргэ Чурапчыттан айаннаабыт суоппардарыттан билбиттэр. Иккиэн Саха сиригэр араас айан көлөтүнэн кэлбиттэр. Игорь Лысенков буойаһынан, Антон Кротов Магадаантан сатыы айаннаан иһэн, аара түбэһиэх массыыналарга (автостоп) олорсон кэлбит.
— Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын сайдыытын, өрөспүүбүлүкэҕэ түөлбэлээн араас омугу бииргэ түмэн көрдөрөр бырааһынньык ис хоһоонун, тутулун олус сөбүлээтибит. Бэрт үгүс быыстапканы, тутуулары сэргээн көрдүбүт. Өскөтүн хаһан эмит Саха сиригэр сайын кэлэр буоллахпына, ыһыахха хайаан да өссө сылдьар былааннаахпын. Түүн 2 чааска диэри биир эмит сынньанан олоро түһэр сири булан баран, күнү көрсүү тэрээһинигэр сылдьыахпыт, — диэн Антон Лысенков кэпсээтэ.
Ити курдук, туристар ыһыах былаанын сиһилии үөрэтэн баран, «Бу маны хайдах да көтүппэппит«, — диэн былаанныыллара Саха сиригэр улахан интэриэстээхтэрин туоһулуур.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Салгыы видео-устууну көрүҥ
Хаартыска уонна видео — ааптар түһэриитэ уонна суруйуута.