Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, бачча үчүгэйгэ дьиэҕэ хаайтаран сытыам дуо, “Туймаада ыһыаҕар барабын да сабаас!” диэн турдум. Эмээхсиним айанын ыарырҕатан, аккаастанан көрдө да, саҥардыбатым. Ону хайыай, уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу алаадьылаабытынан бараахтаата. Халадыынньыкпар миэстэ бөҕөтүн ылан сыппыт хаһааспын – убаһа этин таһааран, ыргыччы буһаран кэбистим.
Ити курдук тэринэн, сарсыардаттан оҥостон, эмээхсиммин тиэтэтэн, эрдэлээтэҕэ аатыран, аҕыс аҥарга автовокзалга таҕыстыбыт. Дьэ, доҕоор, биһиги эрэ буолуо дуо, элбэх киһи ыһыах аһыллыытыгар тиийээри, халҕаһалыы анньан тураллар эбит. Оптуобус кэлээтин кытары, саба сүүрэн тиийэн, симиллии буолла. Биһиги маттыбыт.
Иккис оптуобуска үтүрүһэн-анньыһан киирэрин киирдибит эрээри, тууга киирбит мундулар курдук ыга симиллэн турдубут. Икки чааһы быһа ыалдьар атахха тулуйан турар сыанан аҕаабата чахчы. Онон төттөрү тахсаары гыммыппытыгар, хата, биир эдэр дьахтар эмээхсиммэр миэстэтин туран биэрэн абыраата. Эр киһи элээмэтэ буоллаҕым, тутуурбун биэрэн баран, мин туран айаннаатым.
Дьэ, доҕоор, сыыллар айан диэн манна буолла. Биир чааһынан тиийиэхтээх сирбитигэр икки аҥар чаас айаннаатыбыт. Аны ыга симиллэн турар буолан, итиикэтэ диэн сүр. Айаным ортотуттан, бэркиһээтэхтэрэ буолуо, биир дьахтар оҕотун көтөҕөн, миэстэ таһааран, олордон абыраата. Онтон атын тулуйар кыах суох. Кэмниэ-кэнэҕэс айаннаан тиийбиппит кэннэ, дьон үөрэн “ураа” хаһыытаатылар.
Оо дьэ, ыһыахха киһитэ элбэҕиин! Биир кэм барыы-кэлии, ырыа-тойук, күрэхтэһии… Убаҕас мэйиилээх мунан хаалыах муҥа. Хата, киирэр ааҥҥа бырагыраамалаах, хаарталаах “Саха сирэ” хаһыаты тарҕата турар буоланнар, наадалаах сирбитин буллубут. Киһи үөрэрэ диэн, дьон үксэ сахалыы таҥаһы кэтэр буолбут. Дьахталлар, кыргыттар бары кэриэтэ илин кэбиһэрдэрин, бастыҥаларын кэтэ сылдьаллар. Көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээх. Оннооҕор кытта кырдьыбытым муҥнаах, төһө да хараҕа көрбөт буоллар, бөдөҥ оҕуруоларынан тигэн, илин кэбиһэр оҥостоохтообута ээ…
Дьэ, аһыллыытын көрөн, алгыс ылынан, хорчуоппаҕа ыһыах аһын аһаан, кэнсиэр, күрэхтэһии, быыстапка көрөн, астына ыһыахтаатыбыт. Көр, бу үлүгэр кыйма курдук элбэх киһиэхэ (180 тыһыынча киһи сылдьыбыт дииллэр) билэр дьоммун булан көрүстүм ээ… Түһүлгэҕэ олорон, сыалаах эти сии-сии үөлээннээхтэргин кытта уруккуну-хойуккуну ахтыһа олорор бу үчүгэйин! Дьэ, куорат дьаһалтата, тэрийиэн тэрийбит эбит.
Дьэ, аны биир туспа моһуок. Тахсан киирэр сирдэргэ уһун уочарат. Эмиэ да элбэх баарга дылы… Буолумуна, киһитэ элбэҕэ бэрт буоллаҕа.
Маладьыастарыҥ, киэһээҥҥэ диэри тулуйан сырыттыбыт. Бүтүннүү быылы бүрүнэн, сылайан-элэйэн да кэллрбит, санааҕа астык.
Иккис күнүгэр Сэлээппэ Сэмэни кытта болдьоһон, “Дыгын оонньууларын” киирэн көрбүтүм. Эмээхсин айалаан-дьойолоон, дьиэтигэр хаалбыта, эмиэ да үчүгэй курдук. Сынньаннын ээ. Быыппастар былчыҥнаах, быстыбат иҥиирдээх саха боотурдарын киирсиилэрин көрөн, өтөрүнэн астымматахпын астынным. Дьэ, ол бэйэтэ туспа кэпсээн…
Биэтэс Билээхэп
30.06.16.