Ыһыах төһө үчүгэйий?

Ааптар: 
24.06.2018
Бөлөххө киир:

Хас биирдии саха киһитэ ыһыаҕы, самаан сайыны кэтэһэр. Тэрийээччилэр этэллэринэн, Туймаада ыһыаҕар сыллата киһитин ахсаана эбиллэн иһэр. Ыһыахчыттар туох санаалаахтарын билээри туоһуластым.

Анна Слепцова, Дьокуускай куорат олохтоохторо:

-Быйыл ыһыахха кыра кыыспытыныын Сандааралыын кэллибит. Доҕотторбут ыҥырыыларынан маҥнай «Алмаасэргиэн» бааҥҥа ыалдьыттаабыппыт. Сыл ахсын ыһыаҕы күүтэбит. Саха дьоно буоларбыт быһыытынан күөх окко үктэнэн, самаан сайыны уруйдуу, арчылана, доҕотторбутун, дьоммутун-сэргэбитин көрсө Үрүҥ Тунах ыһыаҕы сахалыы айхаллыыбыт, урааҥхайдыы уруйдуубут. Бүгүн ыһыах арыллыытыгар сырыттыбыт, барытын көрдүбүт. Оҕобут икки сааһа, улаатан тэҥҥэ көрөр-истэр.

Түһүлгэҕэ ыалдьыт олорор сирэ элбээн, киһи көрөрүгэр олус табыгастаах буолбут. Онон тэрийээччилэргэ махтанабыт. Сахабыт дьоно уйгу-быйаҥ олохтоох , чөл туруктаах, бигэ тирэхтээх буоллуҥ.

Наталья Саввинова, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

— Ыһыахха сыл аайы тахсабыт. Иккис сылын дьиэ кэргэнинэн түһүлгэ оҥостон түһэбит. Былырыын хоммуппут, күнү көрсүбүппүт. Быйыл кыра оҕолордоох буолан, арааһа, сөрүүн түһүүтэ барарбыт буолуо. Быйылгы ыһыах тэрээһинэ олус үчүгэй. Биһиэхэ тыаттан аймахтарбыт кэлбиттэрэ. Туймаада ыһыаҕар аан маҥнайгытын сырыттылар уонна олус сөхтүлэр. Сыл аайы тутуу эбиллэн иһэрэ, элбэх киһи сахалыы таҥастааҕа үөрдэр, кэрэхсэтэр.

Ыһыах күн дьиэ кэргэнинэн мустан сонуммутун, санаабытын үллэстэн, кэпсэтэн үөрэбит. Кымыспыт бүтэн хаалла, түһүлгэбит ыраах. Саха аһын биир сиргэ эрэ буолбакка, Үс Хатыҥҥа барытыгар тарҕатан атыылыыллара буоллар диэн санаатыбыт. Уопсайынан, ыһыах наһаа үчүгэй. Киһи тугу баҕарыан даҕаны билбэт. Хаппырыыстыы үөрэммэтэхпит. Ыһыахтан чахчы күүс ылабыт, сэниэ-оноо бөҕө буолллубут.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0