Ыһыах маанылаах сандалыта

21.06.2020
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгэр бүгүн, бэс ыйын 21 күнүгэр, уйгу-тунах ыһыах саҕаланна. Бу алгыс түһэр күнүгэр хас биирдии ыал олбуордарыгар түптэлээн, алаадьылаан, үтэһэлээх эт, быырпах оҥорон уйгулаах ыһыаҕы көрсөллөр.

Туора Күөлгэ Настя, Афанасий Потаповтар диэн үс оҕолоох эдэр ыал олорор. Уйгулаах ыһыаҕы көрсө, эдэр ийэ улууска ыытыллар «Мин дьиэ кэргэним алгыстаах сандалыта» диэн сахалыы ас-үөл куонкуруһугар кыттаары маанылаах сандалытын бэлэмнээтэ. Хаартыскаларын улуус туспа хештегтээн номнуо ыыппыт.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0