Хараҥа хос: тэттик кэпсээннэр

10.05.2018
Бөлөххө киир:

Хараҥа киэһэ

2003 сыл. Ол кэмҥэ куоракка үлэлиир этим. Күн ахсын Мархаттан сарсыарда эрдэ куоракка үлэлии кэлэрим уонна киэһэ 7 чаас саҕана үлэлээн бүтэн төттөрү айанныырым. Ардыгар сакаас элбэх буоллаҕына, хонон да хаалар күннэрим бааллара. Биир күн ахсынньы ый тымныыта сатыылаан турдаҕына 20-с оптуобуска олорон дьиэм диэки айаннаатым. Киэһэ 9 чаас буолан эрэрэ. Түһүөхтээх сирбэр кэлэн түстүм. Аттынааҕы маҕаһыыҥҥа киирэн бородуукта атыыластым. Тахсан иһэн хара таҥастаах, икки бэрт дьиибэ дьон туралларыттан салла быһыытыйдым. Хараҥа уулуссанан аргыый хаама турдум. Дьонум кэннибиттэн батыһан испиттэрэ. Олорор ыалым аах дьиэлэрэ ыраах, уота суох уулуссаҕа турара. Сүүрүөхпүн тутуурум элбэҕэ мэһэйдиирэ. Биир уулусса эргииригэр киирээт, сүүрбүтэ буоллум, батыһан иһээччилэрим улам-улам чугаһаан испиттэрэ. Арай иннибэр көрбүтүм, массыына киирэр киэҥ аана аһыллан турарынан ыал олорор дьиэтэ көһүннэ. Ыксаан иһэр киһи, дьиэбэр киирэр курдук, ол аанынан тэлгэһэҕэ киирэн хаалбытым. Уонна олбуор быыһынан ол батыһааччыларбын одуулаан турдум. Дьонум тохтоон тураллар, илиилэригэр тимир тутуурдаахтар. Кыратык тура түһээт, хата, төннүбүттэрэ. Мин, дьэ “һуу” диэт эргиллэн көрбүтүм, сырдык тэлгэһэҕэ дьиэ турара, аттыгар массыына уонна миигин көрөн, уонча саастаах нуучча кыыһа мичээрдии турар. Халааһынтан, баҕар, өлөр өлүүттэн быыһаабыт оҕоҕо баһыыбалаатым. Кыыс өссө истиҥник мичээрдээбитэ уонна тугу да саҥарбакка, барарбын батыһа көрөн хаалбыта. Мин түргэнник хардыылаан, дьиэбэр этэҥҥэ тиийбитим. Ол түбэлтэни умнан да кэбиһиэм эбитэ буолуо да, сарсыҥҥы күнүгэр эмиэ үлэбэр айаннаан иһэн бэҕэһээҥҥи дьиэни көрөн баран олус соһуйбутум. Иннибэр иччитэх, олбуора тэлэччи аһыллан турар тэлгэһэҕэ, өрдөөҕүттэн киһи олорботох өтөҕө турара. Миигин ол хараҥа киэһэ туох сырдык күүстэрэ араҥаччылаабыттарын билигин даҕаны муодаргыыбын уонна махтана саныыбын.

Бэйэтин илэ көрбүт

Сэрии быдан иннинэ алаастарга баар кыстык дьиэлэргэ үс муннуктаах уһаайбалар бааллара үһү. Бу сирдэрин дьиэлээх дьон бэйэлэригэр оттуур сир оҥостоллор эбит.
Бу түбэлтэ буолбута ырааттаҕа. Ол эрээри, хам-түм, окко киирии саҕана “күөдьүйэн” тахса турар. Кэмэ оннук түбэһэр буоллаҕа. Биирдэ Сэмэн диэн оҕонньор кыстыгын уһаайбатыгар от төһө үүммүтүн көрө барбыт. Алааһын сыырын түһэн иһэн көрдөҕүнэ тэлгэһэтин отун биир киһи охсон куйаарда ахан сылдьар үһү. Сэмэн ону көрөн, ыксаан хаһыытыы-хаһыытыы, аллараа сүүрэн бэдьэйбит. Сыыртан түһүү буолан, санаатыгар, түргэнэ сүрдээх. Тэлгэһэтигэр начаас чугаһаабыт. Хараҕа көрөр сиригэр тиийэн, тыын ыла таарыйа, от охсооччута кимин билээри, кыҥастаспыт. Арай… илэ бэйэтинэн от охсо турар үһү! Сэмэн алҕаһаатым быһыылаах дии санаан, хараҕын ньуххана-ньуххана көрбүт да, илэ бэйэтэ кубулуйбатах. Оҕонньор итинтэн этэ саласпыт, эргиллэ түспүт даҕаны, кэлбит суолунан төттөрү харбыаласпыт. Куттаммыта бэрт буолан, кэннин олох хайыспатах. Сыыр үрдүгэр тахсан баран, биирдэ эргийэн, өтөҕүн диэки көрбүт. От охсооччу ханна даҕаны көстүбэт, өтөҕө уруккутунан турар үһү. Сэмэн аньыырҕаан да, куттанан да, иккиһин барбатах, сайылыгар төннүбүт.
Түбэлтэтэ эбитэ дуу, биттэммитэ эбитэ дуу, Сэмэн өр буолбатах, өлөн хаалбыт.

«ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0