«Манчаары оонньууларын» буолар күнэ быһаарылынна

Бөлөххө киир:

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина салайааччылаах бөлөх  Горнай улууһугар бырабыыталыстыба 2019 сыллаах үлэтин отчуоттаата.

Горнай улууһугар 2021 сылга  ыытыллыахтаах XXI Манчаары оонньууларынан сибээстээн, Бэрдьигэстээххэ элбэх тутуу ыытыллара былааннанар. Ольга Балабкина этэринэн, “Демография” национальнай бырагырааманан тутуллар спортивнай комплекс сыбаайата түһэн,  сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киириэҕэ.  Ону таһынан, сэттэ олорор дьиэ, тир тутуллара, 1000 миэстэлээх стадион саҥардыллара, Бэрдьигэстээх иһинээҕи суол барыта өрөмүөннэнэрэ былааннанар.

XXI Манчаары оонньуулара  2021 сыл от ыйын 7 күнүгэр саҕаланыаҕа. Оонньуу бастакы посолунан Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Аан дойду  чөмпүйүөнэ (2001), Европа үрүҥ көмүс призера (1998) , Арассыыйа чемпионаттарын призера (1992,1993) Герман Контоев ааттанна. Бу туһунан Ольга Балабкина биллэрдэ.

Отчуот кэмигэр олохтоох нэһилиэнньэ саҥа тутууларга матырыйаал таһар  ыарахан уйуктаах массыыналар суолу  алдьатыахтара диэн сэрэхэчийэрин биллэрдэ. Суол туругун алдьаппат курдук, тырааныспар сырыыта эрдэттэн былааннаахтык оҥоһуллара күүтүллэр.

Ньургуйаана Иванова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска ЯСИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0