Иччи баар эбит

Ааптар: 
09.11.2017
Бөлөххө киир:

Бу түбэлтэ 70-с сыллар ортолоругар буолбута. Ол сыл хаара суох ичигэс күннэр турбуттара. Мин ити кэмҥэ ороуон сэбиэтигэр гражданскай оборуона начаалынньыгынан үлэлиир этим. edersaas.ru

Оройуон биир улахан тэрилтэтин үлэһиттэрин кытта сүбэлэһэн баран, бэһиэ буолан Ньурбачаан нэһилиэгин сиригэр куобахтыы барарга быһаарыммыппыт. Үлэ бүтэһик күнүгэр аһыыр аспытын, балааккабытын, сэппитин-сэбиргэлбитин оҥостон ЛУАЗ массыынанан икки хоно диэн айаннаатыбыт.

Икки чаас кэриҥэ айаннаан Коойтон диэн сайылык ферма таһыгар, үөһэ соҕус өтөҕү булан түһүүлэнэргэ быһаарынныбыт. Манна биир сэнэх соҕус, түннүктэрэ салапаанынан бүрүллүбүт дьиэ баар эбит. Бултуу, сынньана кэлбит дьон быһыытынан ас-астанан, хонор сирбитин оҥостон бардыбыт. Аҕа саастаах аксакаалбыт Тиэхээн «уолаттар, бу киэһэ тоҥороору гынна, хаардыан да сөп, онон балааккабытын дьиэ иһигэр хаххаҕа туруоруоҕуҥ» диэтэ.

Биһиги дьиэ иһигэр от тэлгээн баран балааккабытын туруоран кэбистибит. Аспыт буһуор диэри чугастааҕы сири-уоту кэрийдибит, былыргы киһи уҥуоҕа бааллараын сонурҕаан көрдүбүт. Чэйбит оргуйбутугар айылҕаҕа тахсыбыт дьон сиэринэн, уоппутун аһатан, бэйэбит даҕаны сөп соҕустук аһаан баран утуйдубут. Бастакы түүммүт этэҥҥэ ааста. Сарсыныгар тыаны кэрийэн иккилии куобаҕы өлөрдүбүт.

Киэһээҥҥи аһылыкпытын аһаан баран утуйаары оҥостон эрдэхпитинэ Ньурбачаан уолаттара кэлэн аастылар. Балаакабыт иһигэр бары кэккэлэһэ сытан утуйабыт. Мин таспар кытыыга Баһылай, ортоку Ньукулай, онтон Тиэхээн, биир кытыыга Сааска сыталлар. Мин сытаат да утуйан хааллым. Түүн ортотун саҕана Ньукулай миигин анньыалаан уһугуннарда «Уйбаан, истиий, ким эрэ сылдьар!» Өйдөөн истибитим, дьиэбит иһигэр ким эрэ хаама сылдьар, таһырдьа киирэр-тахсар, ааны күүскэ лип гына сабар. Мин били маарыын ааспыт Ньурбачаан уолаттара төннөн кэллэхтэрэ дуу дии санаатым, сааларбытын тыытыахтара диэн «кимнээххитий!» диэн хаһыытаан көрдүм да хоруй суох. Сааларабыт, кырдьык, таска тураллар. Ол да буолар мин куттаары «кимнээххитий? Саанан ытыам!» диэн өссө төгүл хаһыытаатым. Арай, кытыыга сытар Сааска, балаакка хаһаайына, «Уйбаан, ытыма, балаакканы алдьатыаҥ» диэтэ. Бары туран балааккабытыттан оронон таҕыстыбыт. Ким да суох. Таһырдьа таҕыстыбыт. Кыраһа хаар түспүт эбит. Дьиэ таһыгар туох да суол-иис суох.

Быһаарсыбыппыт, дьиэ иһигэр тыас баарын, аан аһылларын-сабылларын икки кытыыга сытар табаарыстарбыт истибэтэхтэр эбит. Бу сырыыга сааларбытын балаакка иһигэр, атахпыт таһыгар уурталаан утуйдубут. Хас чаас саҕана эбитэ буолла, эмиэ Ньукулай анньыалыырыттан уһугуннум. Били «киһибит» эмиэ дьиэ иһигэр киирэн хаамыталыы сылдьар эбит. Куолутунан, ааны аһар-сабар. Онтон бэтэрээ кэлэн муннукка турда, остуол таһыгар туран уҥуоҕу ыстаан хачыгыратар тыаһа иһилиннэ. Биһиги бары саҥата суох иһиллээн сыттыбыт. Сотору балаакка таһыгар сылдьар «дьукаахпыт» кырдьаҕас баҕайы киһилии куолаһынан сөтөлүннэ, куһаҕан баҕайытык «өөх» диэн баран били балааккабыт хаһаайына Сааска сытар сирин диэки силлээтэ… Бу сырыыга Сааска балааккатын харыһыйбата, «Уйбаан, ыт! Ыт!» диэн хаһыытаата.

Биһиги бары ойон турдубут, балааккабытын сиҥнэрэ сыһан таска ыстаҥалаһан таҕыстыбыт. Тахсан көрбүппүт – ким да суох. Дьиэ таһыгар тахсан көрбүппүт, эмиэ ким да биллибэт. Бары да куттана санаатыбыт.

Сааска уот отто-отто таһырдьа хонуохха диэтэ да, ким да сөбүлэспэтэ. Халлаан тымныыта бэрт этэ. Төттөрү киирэн, балааккабыт иһигэр чүмэчи уматтан сыттыбыт.
Сарсыарда куобахтыы сылдьар саааларын тыастарыттан биирдэ уһуктубуппут. Халлаан сырдыгар дьиэбит иһин сирийэн көрдүбүт. Хас муннук аайы доруобунньук суоллара бөҕө эбит. Биһиги да иннибитинэ дьон оннукка-манныка түбэһитэлии сылдьыбыт эбит диэн түмүккэ кэллибит. Дьиэ ааныгар «входи смеясь, выйдя не плачь» диэн сурук баарын аахтыбыт.
Киэһэ дьиэбитигэр айанныырбытыгар аксакаалбыт, үрдүк үөрэхтээх түс-бас Тиэхээн «баччааҥҥа диэи ол-бу иччи суох дии саныырым, сыыспыт эбиппин» диэбитэ.

Айылҕа таайылла илик таабырына элбэх. Бу айылҕаҕа сылдьан тугу көрбүппүн-истибиппин, дьиҥнээх түбэлтэни суруйдум. Дьонум аатын уларыттым.

Иван ИВАНОВ, «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөхтөн, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0