2010 сыл. Дима оскуолатын бүтэрэн, Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун “тыйаатыр уонна киинэ артыыһа” идэтигэр үөрэнэ киирэр. Оттон Катя Дьокуускайдааҕы култуура колледжыгар тыйаатыр салаатыгар үөрэнэн саҕалыыр. Дьылҕа Хаан ыйааҕынан билсэн-көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, Катялаах Дима 2014 сыллаахха ыал буолбуттара. Билигин кинилэр Саха сирин тутаах тыйаатырдарын — Үүнэр көлүөнэ уонна Олоҥхо тыйаатырдарын артыыстара.
Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыттарын – Хоютановтары кытта дьиэ кэргэн уонна тыйаатыр туһунан кэпсэттибит:
Катя: Мин Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтиттэн төрүттээхпин, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар алтыс сылбын үлэлиибин. Оҕо саадыттан туохха барытыгар кыттан иһэрим, хоһоон ааҕарым, сыаҥкаҕа оонньуурум. Кыра кылааска үөрэнэ сылдьаммын номнуо артыыс буолуохпун баҕарар эбиппин диэн быһаарыммытым, оннук баҕа санаалаах оскуолабын бүтэрэн, култуура колледжыгар туттарсан киирбитим. Бу кэнниттэн Арктикатааҕы институкка үөрэхпин үрдэтиммитим. Үс саастаах Аман диэн уол оҕолоохпут. Иккиэн үлэлиир буоламмыт оҕобут Мэҥэ Хаҥаласка эбээтигэр Варвара Иннокентьевна Аргуноваҕа баар.
Дима: Оттон мин Чурапчы улууһун Үрэх Күөрэ диэн кыра сэлиэнньэтиттэн сылдьабын. Кэргэммэр тэҥнээтэххэ, мин оскуоланы бүтэриэхпэр диэри ханнык үөрэххэ туттарсарбын быһаарымматаҕым. Артыыс буолуом диэн санаабат да этим, ол эрээри култуура эйгэтигэр сыһыаннаах буолуохпун баҕарарбын билэрим. Үс үөрэххэ докумуоммун туттарбытым. Арктикатааҕы институкка сүүмэрдээһин түмүгэр хапсан, онно киирбитим. Катялыын үөрэхпит чэрчитинэн элбэхтэ көрсөр этибит, ол эрээри “ВКонтакте” социальнай ситиминэн суруйсан, кэпсэтэн саҕалаабыппыт. Түөрт сыл доҕордоһон бараммыт ыал буолбуппут. Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлээбитим төрдүс сыла буолла.
— Тыйаатырга уонна киинэҕэ оруолларгыт туһунан кэпсээҥ эрэ.
Дима: “Дьырыбына Дьырылыатта” испэктээккэ Хахсаат Буурай диэн абааһы уолун оонньообутум бастакы улахан оруолум буолар. Маны таһынан, “Күн Эрили” диэн куукуланан испэктээккэ сүрүн оруолу толоробун. Тыйаатырбыт туруорууларыгар, быстах да оруолларга буоллар, оонньуубун. Киинэҕэ дьэ, уһуллан саҕалаан эрэбин. Бу сотору кэминэн киэҥ экрааҥҥа тахсаары турар “Бэйбэрикээн эмээхсиҥҥэ” кыра оруоллаахпын.
Катя: Үлэһит буолаат, “По краю” диэн испэктээккэ оонньообутум. Ол – бастакы улахан оруолум. Онтон кэлин “Грозаҕа” Катерина оруолун толорбутум. Бу испэктээгинэн икки бэстибээлгэ кыттыбыппыт. Аны билигин кулун тутар 29 күнүгэр сүрэхтэнээри турар “Три сестры” испэктээккэ улахан эдьиийдэрин оонньуубун, ону долгуйа күүтэбин. Киинэҕэ эмиэ саҥа холоно сылдьабын, “Сүлүһүннээх таптал” сериалга эпизодка киирбитим. Бу кэлин өссө биир киинэҕэ уһуллуохтаахпын.
— Иккиэн артыыс буоларгыт дьиэ кэргэҥҥит олоҕор мэһэйдиир дуо?
— Иккиэн биир идэлээх буоламмыт бэйэ-бэйэбитин олус өйдөһөбүт, туох буолары барытын чэпчэкитик ылына сатыыбыт. Гостуруолга бардахпытына ахтыһабыт аҕай. Биирбит атын идэлээҕэ буоллар, өйдөһүөхпүт суоҕа этэ дэһэбит.
— Ыал буоларгыт быһыытынан биир туруорууга оонньоон көрүөххүтүн баҕараҕыт дуу?
Катя: Мин наһаа баҕарабын! Ол эрээри тус-туспа тыйаатырдарга үлэлиир буоламмыт, бу табыллыбат. Арай, туох эмит тэрээһин арыллыытыгар, сабыллыытыгар эрэ биир сыанаҕа тахсабыт.
Дима: Мин эмиэ баҕарабын даҕаны хайдаҕа буоллар, сатаан оонньуом суоҕа дии саныыбын.
— Оҕо иитиитигэр туохха болҕомтоҕутун уураҕыт?
— Уолбут Аман билигин саамай ону-маны көрөн үтүктэр сааһа, спорт көрүҥнэрин наһаа интэриэһиргиирин бэлиэтиибит. Төлөпүөнтэн, ютубтан, төһө кыалларынан, тэйитэ сатыыбыт. Спортсмен буолуон баҕарабыт — мас тардыһааччы дуу, тустуук дуу. Оҕобут бары өттүнэн сайдыылаах буоларыгар кыһаллабыт. Олус ахтабыт, хас өрөбүлбүт аайы Бэдьимэлиибит.
— Хоютановтар дьиэ кэргэн иллэҥ кэмҥитин хайдах атаараҕыт?
Катя: Мин ас астыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Ис-испиттэн үөрэн туран араас бүлүүдэлэри астыырбын туохтааҕар да ордоробун. Гостуруолга сылдьан бу дьарыкпын ахтабын аҕай, кэллим да астаабытынан барабын.
Дима: Дьиэҕэ иккиэн баар уонна иллэҥ буолар күммүт ахсааннаах. Онон бу кэми туһалаахтык атаара сатыыбыт. Дьиэбитин өрө тардан, ас астаан, ирэ-хоро кэпсэтэн, киинэ көрөн атаарабыт. Биһиги дьиэбитигэр үлэттэн сынньана кэлэбит, онон эрэпэтииссийэлии эҥин сатаабаппыт.
— Артыыс буолбуккутуттан кэмсиммэккит?
Катя: Суох, хаһан даҕаны оннук санаа даҕаны киирбэтэҕэ. Мин атын үлэлээх, идэлээх сылдьарбын сатаан санаабат эбиппин. Биир сиргэ таба олорбоппун, хайаан даҕаны тугу эмит хамсаныахпын, айыахпын-тутуохпун наада.
Дима: Мин артыыс идэтин талбатаҕым буоллар, видеоҕа устуунан дьарыктаныам этэ дии саныыбын. Видеоҕа уһуларбын, ону таҥарбын сөбүлүүбүн. Тыйаатырбытыгар буолар арааһынай түгэннэри, гостуруоллары уһулааччыбын.
— Бэйэҕит саастыылаахтаргытын ылан көрдөххүтүнэ, ыччат тыйаатыры интэриэһиргиир дуо?
Дима: Олоҥхо тыйаатыра бэйэтин кыаҕын саҥа ылан эрэр тыйаатыр буолар. Дьон олоҥхо диэни иһиттэ да тута саллан хаалар. Биир киһи сыанаҕа олорон эрэ “үс күннээх түүн” олоҥхолуур диэн өйдүүллэр. Оннук буолбатах, олоҥхону аныгы көрүүлээн, уратытык туруоруллубут испэктээктэри көрдөрөбүт. Дьон биһиги туруорууларбытын көрөн “олоҥхону биир-икки чаас иһигэр маннык интэриэһинэйдик көрдөрөллөр дуо?” диэн соһуйан барар. Кэнники саалаҕа саастаах эрэ дьон буолбакка, ыччат эмиэ биллэ элбээбитин бэлиэтиибин. Интэриэһи тардар, дьону ымсыырдар реклама үлэтин кыайыахпытын наада, онно күүскэ үлэлэһэбит. Ыччат “мин сахабын, олоҥхону билиэхтээхпин” диэн толкуйун уһугуннарар сыаллаахпыт.
Катя: Оҕо тыйаатырга кыра эрдэҕиттэн сылдьан, тыйаатыр үчүгэйин билэ улаатыахтаах дии саныыбын. “Тыйаатырга сылдьан испэктээк көрбүтүм, өссө көрүөхпүн баҕарабын” диэн үтүө өйдөбүллээх буолуохтаах.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: Хоютановтар архыыптарыттан.
2019 сыллаах «Эдэр саас» хаһыаттан.