Бу күннэргэ Москуба уобалаһын Роговскай сэлиэнньэтигэр “Бастакы Дьоруойдар аллеялара” диэн патриотическай аахсыйа буолан ааста. edersaas.ru
Аахсыйа чэрчитинэн бары “Бастакы”: Георгиевскай Кириэс кавалера, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара, Социалистическай Үлэ Дьоруойдара, Сэбиэскэй Сойуус дьахтар-дьоруойдара – уопсайа, 40-ча Бастакы Дьоруой аата үйэтитилиннэ. Москуба, Калуга уобаластарын кыраныыссатыгар Бастакы Дьоруойдары үйэтитии сибэтиэй сирэ мээнэҕэ талыллыбатаҕа. Бу 1812 с. уонна 1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду сэриилэрэ ааспыт сирдэрэ.
— 1812 сыллаахха манна байыаннай полководец Михаил Кутузов аатырбыт “Тарутинскай маневра” түмүктэммитэ. Оттон генерал Михаил Милорадович Спас-Купле дэриэбинэҕэ французтары кытта киирсиигэ бастакы кыайыытын ситиспитэ. 1941 сыллаахха сэбиэскэй сэриилэр сэтинньигэ-ахсынньыга Кузовлево сэлиэнньэҕэ Москубаны көмүскээбиттэрэ. Бу историческай миэстэлэри үйэтитэн, 500 гаалаах Роговскай сэлиэнньэ сиригэр-уотугар Москуба куорат Генбылааныгар “Арассыыйа култуурунай нэһилиэстибэтэ” диэн Мусуой-паарка комплекса тэриллиэхтээх. Онон Арассыыйа уонна Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын Аллеята – бу бырайыак биир көстүүлээх сиринэн буолуоҕа.
Бастакы Дьоруойдар Аллеяларыгар Саха сириттэн Социалистическай Үлэ Дьоруойа Петр Староватов аата эмиэ баар.
35 күөх харыйаны олордууга биир дойдулаахтарын аатын үйэтитиини Саха сириттэн сылдьар биир дойдулаахтар түмсүүлэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Людмила Павлова, РФ бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин социальнай боппуруостарга уонна регионнар икки ардыларыгар уопсастыбаннай сибээһи олохтуур управление салайааччыта Ольга Быкова, Москуба куоракка үөрэнэр уонна үлэлиир “АйТал” магистраннар, устудьуоннар уонна ыччаттар түмсүүлэрэ тэрийдилэр, — диэн кэпсиир бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт “Мэҥэ бырайыак” федеральнай партийнай бырайыак Саха сиринээҕи Уопсастыбаннай сэбиэтин салайааччы Саргылаана Неустроева.
Үөрүүлээх миитини ССРС народнай артыыһа, “Дьоруойдар пааркалара” уопсастыбаннай сэбиэт салайааччыта, “Арассыыйа Өлбөт үйэлээх полката” хамсааһын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Василий Лановой аста. Калуга уобалаһын губернаторын солбуйааччы Николай Калиничев маннык патриотическай аахсыйалар ыччаты иитиигэ, норуот дууһатыгар тыыннаах Дьоруойдары үйэтитиигэ сүҥкэн суолталаахтарын ыйда.
— Мин ССРС народнай артыыһа, аатырбыт тыйаатыр уонна киинэ актера, уус-уран айар тыл маастара Василий Лановойу кытта билсиһиибин дьылҕам бэлэҕинэн ааҕабын. Василий Семенович төлөөннөөх этиитэ аахсыйа кыттыылаахтарын барыбыт дууһабытын уһугуннарда. Норуот артыыһа бэйэтин тус олоҕунан уонна айар үлэтинэн мэҥэ өйдөбүлү үйэтиппит киһинэн буолар.
Саха сириттэн кыраайы үөрэтээччи, Бүлүү улууһуттан төрүттээх Петр Староватов аата Арассыыйа Бастакы Дьоруойдарын кытта биир кэккэҕэ туран, дорҕоонноохтук ааттаммытыттан уонна үйэтитиллибититтэн биһиги, сахалар, киэн туттуубут муҥура суох, — диэн бэлиэтиир Саргылаана Неустроева.
Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданиныгар Петр Староватовка ССРС Ситэриилээх кэмитиэтэ 1928 сыллаахха тохсунньу 2 күнүгэр Социалистическай Үлэ Дьоруойун аатын иҥэрбитэ. Кыраайы үөрэтээччи Петр Староватов аатын Бүлүү куорат кыраайы үөрэтэр мусуойа, Сунтаар улууһунааҕы Элгээйи орто оскуолата, Бүлүү улууһугар биир нэһилиэк сүгэллэр. Социалистическай Үлэ Дьоруойун аата 61,10 караттаах ювелирнай алмаас кристалыгар иҥэриллибитэ. Онон 1979 сылтан “Кыраайы үөрэтээччи Староватов” алмаас Саха сирин ааттатан, Арассыыйа Алмааһын пуондатыгар харалла сытар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru