Ийэ хапытаалын суумата үрдүүр буолла!

Бөлөххө киир:

2020 сылтан Ийэ хапытаала 4% индексацияланан, үрдүүр буолла. Суумата 471 тыһ. солк. тэҥнэһиэхтээх. Бу туһунан РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ миниистирэ Максим Топилин иһитиннэрдэ. edersaas.ru

2007 сылтан 250 тыһ. солкуобайтан саҕалаан, 2018 сылга 500 тыһ. солк. тиийиэхтээх диэн этэ да, кириисис буолбутунан, Ийэ хапытаала 2015 сылтан үрдүү илик. Ол да буоллар, уон сыл иһигэр 81% үрдээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Максим Топилин бэлиэтээбитинэн, 2020 сыл кэнниттэн сыыйа үрдүү туруохтаах.

Маны тэҥэ дойду аҕа баһылыга Владимир Путин Ийэ хапытаалын 2021 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһатарга этии киллэрбитэ. Быйыл кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Холобур, кыаммат ыаллар Ийэ хапытаалыттан ый аайы ылан туһаныахтарын сөп буолла. Оҕону икки ыйыттан саҕалаан, көрүүгэ-харайыыга, эбии үөрэтиигэ туһаныахха сөп. Ийэ үөрэҕин салҕыырыгар, эбэтэр үлэлии тахсарыгар билигин хапытаалтан туһааннаах сууманы ылан, чааһынай оҕо саадын, эбэтэр ньээҥкэ өҥөтүн төлүөн сөп.

Санатар буоллахха, Ийэ хапытаала Арассыыйаҕа 2007 сылтан үлэлиир. Бу уон сыл устата  Ийэ хапытаала чахчы көдьүүстээҕин көрдөрдө. Дойду үрдүнэн 8 мөлүйүөн кэриҥэ дьиэ кэргэн сертификаты ылбыта, кинилэртэн 56 %-нара Ийэ хапытаалын үбүн-харчытын туһаннылар. Онон 4,7 мөлүйүөн дьиэ кэргэн ипотеканы толору эбэтэр сорҕотун төлөөн бүтэрдилэр. Ону тэҥэ 410 тыһыынча сайаапка оҕону үөрэттэрэргэ, 3,5 тыһыынча сайаапка ийэ биэнсийэтин эбэргэ ыытыллыбыт.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, еdersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0