Ытык Күөлгэ хачыгаарынан үлэлиир Светлана Яковлевна

18.05.2017
Бөлөххө киир:

Хачыгаарынан, билиҥҥинэн хочуолунай машиниһа дэниллэр, үксүн эр дьон үлэлиир. Үксүн да буолуо дуо, барыта эр дьон хачыгаар. Арай, урут Сэбиэскэй кэм саҕана дьахталлар хачыгаарынан үлэлииллэрэ иһиллэрэ.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Ол эрээри диирбитигэр тиийэбит, дьахтар хачыгаар баар эбит. «ОДьКХ» ГУП Таатта улууһунааҕы филиалыгар кытаанах оттугунан оттуллар хочуолунайдарга үлэлиир 188 машинист баарыттан биирдэрэ кэрэ аҥаар. Светлана Сайфуллина эр дьон үлэлиир кытаанах идэтигэр үлэлээбитэ оруобуна 35 сыл буолбут. Билигин төһө да аҕамсыйдар, хачыгаар эбээһинэһин атын эр дьонтон итэҕэһэ суох толорор. «Хаһан үүрүөхтэригэр диэри үлэлиэм!», – диэн Светлана Яковлевна күлэн кэбиһэр.
«Мин күн сирин Калининградка көрбүтүм. Брест куоракка улааппытым. Саха сиригэр Мурманскайтан кэлбитим. Тааттаҕа аймахтарым үлэлээбиттэрэ уонна Саха сиригэр кэл диэн ыҥырбыттара. Өссө эбиитин «Эйигин манна кырасыабай да кырасыабай уол күүтэр» диэн тастыҥ балтым суруйара. 1981 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Дьокуускай куоракка сөмөлүөтүнэн көтөн кэлбитим. Кыайыы күнүн бырааһынньыга өрө ньиргийэн олорор, салют бөҕө. Ытык Күөлгэ «Антошка» сөмөлүөт ыам ыйын 11 күнүгэр көтөр диэтилэр. Ол иһин Маҥан авиапордугар үс күн хонорго күһэлинним.
Дьэ, Ытык Күөлгэ көтөн тиийдим. Сааскы ураты хартыына: суол-иис мөлтөх, дьон бары эрэһиинэ саппыкылаахтар, сотоҕо диэри кэһиллэр бадараан да, чалбах да. Оо, ханна кэллим диэн үөһэ тыынаахтаатым», – диэн Ытык Күөл бэтэрээн хачыгаара кэпсиир.
Светлана Яковлевна Саха сиригэр кэлиэн иннинэ таҥас тигэр фабрикаҕа 10 сыл үлэлээбитэ. Ытык Күөлгэ идэтинэн үлэлиэн баҕарбыта даҕаны, дьоҕус атальеҕа миэстэ көстүбэтэх. Бастаан утаа харабылынан үлэлээ диэбиттэр, биир сылынан хачыгаардаабыт.
Били, балта дьээбэлэнэн суруйбут уола эмиэ кини курдук кэлии, Казаньтан кэлбит эбит. Сыл иһинэн Равилль Мурулловичка кэргэн тахсыбыта. Кини эмиэ хочуолунайга өр сылларга үлэлээн баран, билигин доруобуйатын туругунан биэнсийэҕэ олорор. Сайфуллиннар уоллаахтар. Кини билигин төрөппүттэрин курдук коммунальнай хаһаайыстыба үлэһитэ.
Хачыгаар үлэтин хайдах тулуйаҕын диэн өрүү ыйыталлар. Биллэн турар, ыарахан үлэ. Ол гынан баран, киһи барытыгар үөрэнэр эбит. Бастаан үлэлиирбэр олус ыарахан, уустук этэ. Ким да көрбөтүгэр ытыырым, – диэн Светлана Яковлевна кэпсиир. – 50 кыраадыс тымныыга күҥҥэ туоннанан таас чоҕу таһар, быраҕар манан аҕай дьыала буолбатах. Онтон билигин үөрэнэн хааллым, күннээҕи олоҕум, үлэм курдук ылынабын, саныыбын. Билигин олох сайдан таас чоҕу хочуолунайга тыраахтар таһар эрээри, хочуол иһигэр быраҕарга син биир лаппаахыны туһаныллар.
Үлэлиирбин олус сөбүлүүбүн, тугу да гыммакка олорорбун адьас абааһы көрөбүн. Иллэҥ кэммэр оҕуруотунан дьарыктанабын. Өссө биир саамай сөбүлүүр дьарыгым – балыктааһын. Кэргэммин кытта өрүү балыктыыбын.

* * *

Быйылгы оттук сезона түмүктэнэрэ чугаһаата, кыһыны этэҥҥэ туораатыбыт. Улахан саахаллар тахсыбатылар. Светлана Яковлевна курдук чахчы хоодуот сүрэхтээх, үлэһит дьон баар буолан, тохсунньу тымныытыгар Ытык Күөл дьиэлэрэ сылааһынан илгийэн эрдэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0