Хараҥа хос: Айылҕа хаартыската

01.06.2019
Бөлөххө киир:

Аҕам үйэтин тухары хомуньуус баартыйа эрэллээх байыаһа этэ. Үрдүк идийээлгэ бэриниилээх буоларга иитэр мөккүөннээҕэ. Кырабар аан дьиэбит эркинигэр обургу соҕус Лениннээх Сталин сэргэстэһэ олорор мэтириэттэрэ баара. Бу хартыынаны тарбахпытынан ыйарбытын кытаанахтык сэмэлиирэ, ол иһин да буолуо – ыалларбыт оҕолоро киирдэхтэринэ, биһиги эмиэ аҕабыт курдук ону сэрэтэрбит. Абааһы, чөчүөккэ туһунан сүрдээн-кэптээн кэпсиири букатын сөбүлээбэт этэ. «Итэҕэйбэт буолуҥ, ити сымыйа», – диирэ. Ийэбит чөчүөккэлээх остуоруйаны үксүгэр аҕабыт суоҕар кэпсиирэ. Сороҕор «остуоруйа буолбатах, дьиҥнээх» диэн, чахчы сэрэммит курдук туттара.

Ол эрээри аҕабыт икки түбэлтэни – бэркэ муодарҕаабытын – арыый улааппыппыт кэннэ кэпсээбитэ. Ону иһитиннэриим.

ТЭҤКЭҔЭ

Бөһүөлэктэн биэс-алта биэрэстэлээх сайылыкпытыгар сайы көтүппэккэ оттуубут. Урут эһэҕит Кырыал Уола Ыстапаан байан-тайан, сүөһү бөҕөтүн иитэн, бурдук ыһан, табах үүннэрэн, бэл, ырааппакка, Бүлүү өрүһүгэр киирэн көмүс сууйара, маак үүннэрэн кэриэйдэргэ, кытайдарга атыылыыра.

Тэҥкэ бэйэтэ да олус бултаах-алтаах, оттон айылҕата сөҕүмэр кэрэ сир этэ. Биирдэ бөһүөлэктэн тастыҥ быраатым Өлөксөйү кытта от охсо киирдибит. Чагданы түһэн баран, уолбун Эриэн, Билиилээх, Далаһалаах Оҥхол диэн көлүччэлэринэн ыыттым. Кини бэҕэһээ куска ииппит тиргэлэрбитин көрөн отуубутугар тиийиэхтээх. Ити көлүкэлэр төһө да атахтаһа сыппыттарын иһин, элбэх тиргэни көрөн, балачча сыралаһан кэлиэхтээх.

Мин өйүөбүн-тайаабын күлүк сиргэ ууран, табахтаан баран, хотуурбун таптайа түһэргэ сананным. Эрийэ хаппыт эргэ кэлиигэ саайбыт кыстыкпар, дьэ, саҥардыы хотуурум иэдэһин даҕайан эрдэхпинэ Өлөксөйүм тиийэн кэллэ. Туох да саҥата-иҥэтэ суох балаҕаҥҥа киирэн хаалла. Санаабар, сүгэһэрэ да, туга да суох. «Туох буоллаҕай, саатар, тугу да саҥарбат, кэпсэппэт» диэн испэр мөҕүттэ саныы-саныы хотуурбун таптайдым, онтон уолум киэнин онон-манан көннөрбүтэ буоллум. Бу тухары Өлөксөйүм балаҕантан тахсыбат. Чочумча олорбохтуу түһэн баран, халҕаны аһан өҥөйөн көрбүтүм – уолум мэлигир.

«Хайа ыккардыгар тахсыбыт уонна ханна барбыт баҕайытай» диэн муодаргыырым быыһыгар оппун охсон бардым. Санаам уолбуттан арахпат. Ол да буоллар киэҥ сири оҕустум. Бу тухары уолум суох. Кэмниэ-кэнэҕэс Далаһалаах Оҥхол диэкиттэн Өлөксөйүм үрүсээгин тэскэччи сүкпүтүнэн иһэрэ көһүннэ. Уолум кэлбитигэр «мааҕын туохха кэлэ сырыттыҥ» диэн ыйытан соһуттум. Төрүт да кэлэ сылдьыбатах! Сирэйбин-харахпын көрөр.

Туох эбитэ буолла?!

БЭС КҮӨЛҮН БАҺЫГАР

Биирдэ эмиэ Тэҥкэҕэ Бэс Күөлүн соҕуруу баһыгар Күл диэн сиргэ от охсо сылдьабын. Уу ото – бэрдьигэс – үүммүтэ сүрдээх. Сорох дьыл намыһах өттө ууга ылларааччы, оччоҕо охсубуккун атырдьаҕынан томтор сиргэ таһаҕын. Икки хос үлэ буоллар да, хайыаҥый. Быйыл, хата, оннук буолбатах. Сорох сайын манна икки оту туруоруллааччы. Соҕотоҕун охсор буоллахпына, ыраах сири эргийэ көтөн ылар идэлээхпин. Оччоҕо хас эргийдэх аайы сирим кыччаан-кыччаан иһэрэ саныахпар астык. Бу да сырыыга оннук гынным. Миигиттэн чугас, атахтаһа кэриэтэ, Дайыыкка оҕонньор отуулана сытан охсор. Мындыра сүрдээх: талаҕы өрөн каркаас оҥорбут, онтун отунан бүрүйбүт. Иһигэр киирдэххэ, сып-сылаас, тыал ончу охсубат.

От охсон бугуһуйа сылдьан оҕонньорум отуутун диэки сөп буола-буола харахпын кээһэ сылдьабын. Бүгүн тоҕо эрэ эрдэлээн торҕо буруота унаарыйбыт. «Чэ, хата, үчүгэй. Бииргэ чаайдыахпыт. Үргүлдьү оҕонньор кыраныыссатыгар диэри суол таһааран, охсон кылбаҥнатан тиийиэххэ» дии санаатым. Өр-өтөр гымматым – Дайыыкка сиригэр быһа охсон тиийдим. Пахай! Оҕонньорум букатын да суох – кэлбэтэх. Оттон көрдөхпүнэ, уота-күөһэ сүрдээх этэ эбээт! Отуутун таһыгар да элэҥниирэ.
Кэлин бэйэтиттэн истибитим, ол күн атын сиргэ сылдьыбыт үһү.

Мин ити түгэннэри «абааһы моһуоктаабыта» диэбэппин. «Айылҕа дьикти көстүүтэ» диэн сыаналыыбын. Айылҕа хаартыската дөрүн-дөрүн итинник көстөр буолуохтаах.

ОБУОДАЙГА

Сиэйэ уонна Нөөрүктээйи нэһилиэктэрин ыккардыгар Обуодай диэн ааттаах дьикти сир баара.

Урут Нөөрүктээйи улахан нэһилиэк этэ. Онон дьон-сэргэ Обуодайынан бэркэ тиэстэрэ. Бу сайылык киһи хайдах эрэ ис-иһиттэн сүр баттатар сирэ этэ. Тула былыргы дьон уҥуохтара барыһан тураллара. Итинтэн адьас чугас Күөхтүй диэн сыһыы баара. Манна тоҕо эрэ ончу оттообот этилэр. Кэлин холкуос-сопхуос да саҕана. Тыатын саҕатыгар кэрэх мас баара. Онно билигин даҕаны сылгы тириитэ, төбөтүн уҥуоҕа, туйахтара ыйанан турар. Итини Мэхээлэ ойуун кэрэҕэ дииллэрэ. Ол кырдьаҕас өтөҕө хойукка диэри баара, бэл, мас ороно кытта турара. Итинник суоһар дойду буолан, кырдьаҕастар оҕолору айдаардыбат, мэниктэппэт, өрүү буойа сылдьар этилэр. Куһур Кыыһа Ылдьаана диэн эмээхсин салама ыйыыра, уоту мэлдьи аһата, алгыы сылдьара, онон былыргы сиэри-туому тутуһара. Обуодайтан Бүлүү өрүс чугас буолан, борохуот кэллэҕинэ, дьон онно тоҕуоруһара. Атыы-тутуу бөҕө буолар.

Биирдэ Обуодай дьоно борохуот кэлбитигэр онно бардылар. Дьиэҕэ арай ийэбин кытта мин эрэ хааллыбыт. Арай көрөн олордохпутуна, биир сүүнэ бэйэлээх күөрт ыт таһырдьаттан сундулуйан киирдэ да мас орон аннын диэки сүтэн хаалла. Олус дьиктиргээтим, куттанным. Ханна да маннык ыт суоҕа. Ийэм үөттүрэҕи ылан оһоҕу булкуйа түһэн баран, орон анныттан ол ыты үүрэн таһаарбыта. Ити ыт дьиҥнээх ыт буолбатах этэ. Абааһы буолуо дии саныыбын билигин даҕаны.

«Учуутал бигэ эркинэ» диэн кинигэҕэ Тимофеев Т.Д. ахтыытыттан.

«ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0