«X-UPP» эргиллэр! Сэргэлээххэ бу киэһэ…

14.10.2016
Бөлөххө киир:

2000 сыллар саҕаланыыларыгар «X-UPP» бөлөх уолаттара «Сэргэлээх киэһэлэрэ», «Кэрэчээнэ», «Дайаана», «Эн эрэ» уо.д.а. атын ырыалары толорон үгүс ыччат кутун туппуттара. Кылгас кэм иһигэр өрөспүүбүлүкэни биир гына ырыалара тарҕанан, кэнсиэрдэргэ кыттан, биллэн-көстөн ааспыттара. Оччоттон-баччаҕа диэри уолаттар ырыалара, этэргэ дылы, дьон наушнигыттан түспэккэ тыаһыы сылдьаллар.

Аҕыйах хонуктааҕыта Интернет ситимигэр Антон Иванов уонна Леонид Попов ырыа устаннар, «X-UPP» бөлөхтөрүн эргитэн эрллэр диэн сонуну ааҕан олус үөрбүтүм. Антон «Эдэр сааска» ыалдьыттыыр:

  • Музыкальнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан, Слепцов Петялыын ыллаан саҕалаабыппыт. Ону продюсер Апполон Томскай бэлиэтии көрөн, билсэн бииргэ үлэлээн барбыппыт. Аполлон кэпсэтэн улахан кэнсиэрдэргэ кыттар, ырыаларбытын оччолорго биллибит «Солли-тутти» устуудьуйаҕа устар буолбуппут. Кэлин үлэ, үөрэх кэнниттэн «Виктория» араадьыйаҕа түүннэри тиийэн устарбыт. Катышкин Петя диэн уол ыллаһар буолбута. Араспаанньаларбыт бастакы буукубаларын Иванов, Катышкин, Слепцов диэни холбоон «икс», оттон Антон, Петя, Петя диэнтэн «апп» диэн таһаараммыт, «Икс-апп» бөлөх буолбуппут. Кэлин Катышкин Петя оннугар «Үрүҥ Уолан» (Николай Донской айбыт бөлөҕө этэ) бөлөх ырыаһыта Попов Леня кэлбитэ. Ыллаан-туойан, гостуруоллаан олус үчүгэй кэмнэр ааспыттара.

  • Ол саҕана саха эстрадатын сулустарынан кимнээх этилэрий?

  • Игорь Егоров биһигини кытта тэҥҥэ саҕалаабыта, эмиэ Аполлон Томскай салайыытынан. «Максималар» ыллаабыттара, биллибиттэрэ-көстүбүттэрэ син ырааппыт этэ. Кими эрэ кумирдааһын эгин диэн суоҕа, үгүстэр саҥа саҕалыы сылдьар кэмнэрэ буоллаҕа. Биһиги ырыаларбыт фонограммаларын нууччаларга оҥотторо биэрэр этибит, кинилэр ураты, саҥа тиэхиньикэлээх буоланнар, ырыаларбыт дьоҥҥо сонуннук иһиллэрэ, тута хит буолаллара.

  • Бэйэҕитин сулустар курдук сананар этигит дуо?

  • Эдэрчи санаабытыгар сананар бөҕө буоллахпыт. Кэнсиэргэ тиийдэхпитинэ кыргыттар манаан турар буолааччылар, төлөпүөннэрбит нүөмэрдэрин булан эрийээччилэр, сурук суруйааччылар. Билигин автографтары кумааҕыга боростуой баҕайытык ылан кэбиһэллэр, ол саҕана кэтэ сылдьар куопталарыгар, кууркаларыгар, оннооҕор бууттарыгар, түөстэригэр илии баттатааччылар. Илдьэ да бара сатааччылар баар буолааччылар, охраналаах этибит, дьиҥнээх курдук (кулэр).

  • Онтон тоҕо ыһыллан хаалбыккытый?

  • Ким эрэ үөрэҕэ кыаттарбат, ким эрэ бириэмэтэ тиийбэт, ким эрэ дьиэ кэргэнигэр кыһалҕалар баар буолбуттара. Биир ырыаны ыллаары биир кэнсиэргэ бары хомуллан барарбыт уустуктардаах буолан барбыта. Биир сылтан ордук эрэ бөлөх быһыытынан ыллаабыппыт. Улахан этиһиитэ, айдаарсыыта суох бөлөхтөн мин уонна Леня туораан биэрбиппит. Слепцов Петя эрэ хаалбыта, кэлин Эдик Якуттааҕы кытта үлэлэһэн ыллыы сылдьыбыттара даҕаны уһаабатахтара. Мин төрүкү сыанаҕа соҕотох ыллыыр баҕалаах этим. Ол эрээри бөлөхтөн саҕалаабыппын кэмсиммэппин, ырыа, муусука ис куукунатын билэн, продюсерствоҕа көспүтүм.

  • Тоҕо хас да сыл ааспытын кэнниттэн эмискэ сыанаҕа саҥаттаан эргиллэргэ сананныгыт?

  • Оннук оҥостон туран, былааннаан төннөргө санамматахпыт. Мин өр кэмнээҕи үлэм түмүгүн таһаарар, устуудьуйабар уһуллубут дьону түмэр улахан кэнсиэр оҥороору сылдьабын. Онно «X-UPP»-тар эмиэ ыллыахпыт этэ диэн санааттан Ленялыын «Таптаатым» диэн ырыа устубуппут. Кэнсиэр да кэнниттэн бииргэ ыллыахпыт, саҥа ырыалары айыахпыт.

  • Урукку «X-UPP» бөлөх уолаттара билигин тугунан дьарыктаналлар?

  • Слепцов Петя Чурапчыга үлэлии-хамсыы сылдьар, кэргэннээх, үс оҕолоох. Оттон Леня Тиксиигэ МЧС начальнигынан, ыччат лидеринэн үлэлии сылдьыбыта, билигин Покровскайга силиэстийэлиир кэмитиэккэ үлэлиир. Ырыатын бырахпатаҕа, кыралаан дьарыктанааччы.

  • Эн үлэлэтэр «Добун» устуудьуйаҕыттан ырыаһыт бөҕөтө таҕыста.

  • Оннук. Бастаан тэринэрим саҕана Саша диэн уоллуун «Хомус» диэн бөлөх арыйа сылдьыбыппыт, бэйэм ыллаһар этим. Онтон Саша устуудуьйаҕа ыллыан баҕалаах уолаттары аҕалбыта, кэлин «Илин Эҥэр» диэн ааттанан, ыллаабыттара-туойбуттара. Ол курдук, Нелли, Конон Ноговицын, Фиеста, Дьулустаан Чуручанов, Нари-Яна Куо, Айстаах Кыыдаана, «Дайыы» бөлөх уо.д.а. тахсыталаабыттара. Билигин устуудьуйа элбээтэ, онон бары хаачыстыбалаах муусуканы оҥорорго үлэлэһэбит.

  • Биир кэмҥэ ырыаһыт бөҕөтө биллэн-көстөн ааспыта, попсаны ыллыыр «бумнара» буолбута, онтон хайа эрэ кэмҥэ рэп сайда сылдьыбыта. Билигин саха муусукатын эйгэтигэр туох сүүрээн баарый?

  • Мин санаабар, кириисис буолла быһыылаах. Көрөөччүлэр кэнсиэргэ ырыаһыт куолаһын истэ буолбакка, таҥаһын-сабын, киэргэлин, кэнсиэр төһө уоттааҕын-күөстээҕин көрө кэлэр буоллулар. Билигин күүстээх куоластаах эдэр ырыаһт суоҕун кэриэтэ, баар да буоллахтарына ыллыахтарын баҕарбатар.

  • Сыанаҕа тахсыбатаҕын ырааттаҕа буолуо. Иккистээн сыанаҕа тахсаргыттан долгуйаҕын дуо?

  • Кырдьык, сыанаҕа тахсан ыллаабатаҕым олус ыраатта. Кыра долгуйуу баар. Фонограмма оҥоробун, интернеккэ үлэлиибин, дьиэ кэргэннээхпин, аны ону таһынан ыллыыр элбэх сыраны эрэйэр. Сакааска ыллатаары тииһээччилэр, чугас аймахтарым, доҕотторум эрэ бырааһынньыктарыгар ыллыыбын.

  • Кыыһыҥ Эльза ыллыы-туойа, айа-тута сылдьар. Эстардаҕа тахсар, ырыаһыт буолар баҕалаах этэ дуо?

  • Эльзаны улаханнык ырыаһыт оҥоро сатаабаппыт. Билигин онус кылааска үөрэнэр, үөрэҕин кэнниттэн дьарыктаах, интэриэстээх буоллун диэн ырыаҕа сыһыарбыппыт. Иитиилээх, бириэмэтин сөпкө аттарынар буоларыгар кыһаллабын. Оҕом дьоҥҥо холобур буолуон баҕарабын.

  • Инники былааннаргыттан кэпсээ.

  • Ырыа фонограмматын хачайдыыр суотабай төлөпүөҥҥэ сыһыарыы толкуйдуу сылдьабын. Хаачыстыбалаах ырыа тарҕаныан баҕарабын. Бу кыһын Ньурба улууһуттан төрүттээх ырыаһыттары мунньан кэнсиэр оҥоруохпун баҕарабын. Аны былыргы сүтэн эрэр ырыалары толорор кырдьаҕастар баалларын билэбин. Кинилэр миэхэ биллэллэрэ буоллар, ырыаларын устуудьуйабар устан, үйэтитэн биэриэм этэ. Мин саха ырыата сайыннын уонна үйэлээх буоллун үлэлиибин.

Айтана АММОСОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0