Хаһыаппыт ааспыт нүөмэрдэригэр “X-UPР-тар эргилиннилэр!” диэн Антон Ивановтуун интервьюну бэчээттээбиппит. Антон бөлөхтөн туораан да баран, ырыа эйгэтиттэн тэйбэтэҕэ, саҥа ырыаһыттары таһаартаабыта, Саха сирин биир инники күөҥҥэ сылдьар продюсера буолбута.
Сэтинньи 6 күнүгэр Дьокуускайга Антон бастакы айар киэһэтин оҥорбута. Манна “Х-UPP бөлөх сөргүтүлүннэ, эргилиннибит” диэн Антон Леонидтыын бар-дьоҥҥо биллэрбиттэрэ. 16 сыллаах тохтобул кэнниттэн Леонид Попов улахан сыанаҕа эргиллэргэ быһаарынна.
— Антон “айар киэһэбин оҥоробун, манна ырыата устан ыллыах” диэн этии киллэрбитэ. Ону быһа гыммакка, өр толкуйдаабакка, тута ылынан, бииргэ үлэлээн саҕалаабыппыт. Ааспыт сыллар тухары биһигини “ханна сүттүлэр?” диэн үгүс киһи таайа санаабыт буолуохтаах. Антон олус муударай киһи. Урут киниэхэ уопсай кэнсиэрдэргэ “кэлэн ыллаа” диэн этиилэр киирээччилэр, ону куруук аккаастыыр этэ. Оччолорго улахан толкуйа суох тахсан ыллаан киирэн барбыппыт буоллар, улахан сэҥээриини ылыахпыт суоҕа этэ. Тоҕоостоох кэмҥэ маннык балаһыанньаҕа ыллаан тахсыбыппыт быдан интэриэһи тарта дии саныыбын. Кэнсиэргэ сылдьыбыт дьон сөбүлээбиттэр, сүрүнэ ол буоллаҕа дии. Мин Антон айар киэһэтигэр хайдах дьоһуннаахтык ылсан бэлэмнэн сылдьарын барытын туораттан көрө сылдьыбытым. Урут, кырдьык, эккирэтэ сылдьан ыллаһар бэриниилээх сүгүрүйээччилэрдээх этибит, кинилэр кэлбиттэр этэ. Маннык дьон баалларыгар соччо итэҕэйбэт этим, оттон билигин, дьэ, итэҕэйдим. Оннооҕор урут бииргэ түспүт хаартыскаларбытын бэлиэтээн Инстаграмҥа ыыталлар.
— Антоннуун хаһааҥҥыттан билсэҕит?
— Оҕо эрдэхпититтэн билсэбит. Мин Ньурба Антоновкатыгар, кини Ньурбачааҥҥа улааппыппыт. Убайынаан эмиэ доҕордоһорбут. Куруук кинилэри кытта оонньоорубун Антоновкаттан 25 км тэйиччи турар сайылыктарыгар сатыы барарым. Оскуолабын бүтэрэн баран, СГУ (билигин ХИФУ) биолого-географическай факультетыгар туттарсар баҕалаах этим. Онтум кыаллыбатаҕа, ол иһин саха салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Николай Донской салайааччылаах “Үрүҥ Уолан” бөлөҕөр ыллыы сырыттахпына, “Икс-апп”-ка ыҥырбыттара. Онно үһүс куурус устудьуона этим.
Ол саҕана…
— Ол кэми хайдах саныыгын?
— Билигин санаатахха, олохпор хаһан даҕаны умнуллубат чаҕылхай сыллар ааспыттар эбит. Биир Аполлон Томскай бөлөҕү “эргитэн-урбатан”, чочуйан оҥорбутуттан соһуйабын. Билигин даҕаны оннук таһымнаах бөлөх суоҕа буолуо. Атын устудьуоннарга даҕаны тэҥнээтэххэ, куруук тот сылдьарым, туттарбар харчылаах буоларым, таҥас-сап баара, гостуруоллаан араас сири-дойдуну кэрийбитим. Алексей Павлов “Наара суохтарын” кытта Саина, Алексей Потапов уонна биһиги буолан гостуруоллуур этибит. Биир түгэни санаан кэллим. Сайын ыһыахтар, сессия эгин кэмнэрэ этэ. Алексей Прокопьевич дьиэтигэр мустан, автобуһунан Горнай Бэрдьигэстээҕэр барыахтаахпыт. Арай мин утуйан хаалбыппын, дьонум миигин күүтэ сатаан баран айаннаабыттар, номнуо суоллара сойбут. Саатар ол саҕана суотабай төлөпүөн үөдүйэ илик этэ. Мин эбэһээт барыахпын наада диэн, Бүлүүлүүр суолга тиийдим уонна куоластааммын матасыыкыл тохтоттум. Бэрдьигэстээххэ диэри айаннаан, син кэнсиэри баттаһа тиийбитим. Муус-маҥан таҥаһым суол быылыгар хап-хара буолбутун өйдүүбүн. Онуоха дьонум үөрүү бөҕөтө, бэл, Алексей Прокопьевич: “Дьэ, кыах киһи эбиккин, син биир булан кэллиҥ ээ”, — диэн соһуйан, саҥа аллайбытын бу баардыы өйдүүбүн. Мин, уопсайынан, барытыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннабын. Ылсыбыт дьыалабын тиһэҕэр тиэрдэрбин сөбүлүүбүн.
— Оттон “Икс-апп”-тартан бүтэн баран тугунан дьарыктаммыккыный?
— 2000 сыллаахха Антон бөлөхтөн тахсабын диэбитигэр, мин кинини батыһан эмиэ бүппүтүм. Төһө даҕаны эмискэ бөлөхтөн тахсан хаалларбыт, тугу эрэ сүтэрбит курдук санамматаҕым, барытын чэпчэкитик ылыммытым. Үөрэхпин этэҥҥэ бүтэрэн, Булуҥҥа үлэлии барбытым. Онно оскуолаҕа нуучча уонна саха култууратын биридимиэттэрин учууталын таһынан кылаас салайааччытынан, тэрийээччи педагогунан үлэбин саҕалаабытым. Үөрэнээччилэрбин кытта билиҥҥэ диэри билсэбит, көрүстэхтэринэ куруук “Леонид Егорович” диэн үөрэ-көтө кэпсэтэн ааһаллар. Үөрэҕин саҥа бүтэрбит киһи тыа сириттэн, киин сиртэн тэйиччиттэн үлэээн саҕалыыра ордук. Булуҥҥа үлэлээн олус уопутурбутум. Кэлин улуустааҕы ыччат салаатыгар, онтон МЧС-ка үлэлээбитим. Ол саҕана хочуолунайдар оһохторо куруук алдьанан, ыксаллаах быһыы-майгы бөҕө буолар этэ. Нэһилиэги тоҥорумаары хочуолунайга элбэхтэ хоммутум. Онон хочуолунай иһин-таһын үчүгэйдик билэбин (күлэр). Булуҥҥа алта аҥаар сыл олорбутум.
Билигин да ыллыыбын
— Билигин дьон көрөн билэр дуо?
— Бу соторутааҕыта маҕаһыыҥҥа сырыттахпына кэргэнниилэр: “Хайыа, көр, ол “Икс-апп”-ка ыллаабыт уол сылдьар дии!” — диэн кэпсэтэлэрин истибитим. Тас көрүҥүм соччо улаханнык уларыйбат, куруук биир сирэйдээхпин быһыылаах. Дьон билээччи. Бөлөх эстиэҕиттэн 16 сыл ааста, этэргэ дылы, биир көлүөнэ улаатта, онон билбэтэхтэринэ даҕаны туох куһаҕана кэлиэй.
— Оттон кэлин бэйэҥ соҕотохтуу ыллаан боруобалаан көрбөтөҕүн дуо?
— Мин төрүкү куолаһым суох. Онон урут бөлөххө ыллыыр даҕаны эрдэхпинэ бэк-вокалист быһыытынан сылдьыбытым. Туспа суоллаах-иистээх ырыаһыт буолбаппын билэр этим, ыллаабатаҕым. Арай, бырааһынньыктарга, уруу малааһыннарыгар көннөрү ыллыахпын сөп. Хата, бу кэнсиэргэ бэлэмнэнии кэмигэр Антон: “Куолаһын тупсубут”, — диэн хайҕаата. Кырдьыгынан эттэххэ, Антон кыайан ыллыа суоҕа, куолаһым өссө уларыйбыта буолуо диэн куттанар этэ. Саҥа ырыаны ыллаһа кэлбиппэр, “Куолаһын олус тупсубут”, — диэн соһуйбута. Бэйэм эмиэ күн аайы, эбиэт кэмигэр, сынньалаҥҥа ыллаан бэлэмнэнэр этим. Үс сылааҕыта “Стань звездой” диэн Татьяна Чаранская бырайыагар кыттыбытым. Онно сыанаҕа ахтылҕаммын таһаарбыппын быһыылаах, ааспыт кэнсиэргэ улаханнык долгуйбатаҕым. Арай, Антон бэйэтэ долгуйбутун көрөн кыратык кыттыһа сыспытым (күлэр).
— Оттон “Икс-апп” үһүс уолунаан — Петя Слепцовтуун билсэҕит дуо?
— Петя билигин Чурапчыга олорор. Кэнсиэргэ кыттар, бөлөҕү сөргүтэн ыллаһарга баҕалааҕын биллэрбэтэҕэ. Толкуйдаан баран аккаастаммыта. Петя сөбүлэспэтэр даҕаны, Антоннуун иккиэн бөлөхпүтүн сөргүттүбүт. Мин билигин эргиллибиппититтэн, сыанаҕа иккистээн тахсарбытыттан кыбыстыбаппын. Сотору 40 сааспыт буолуо, билигин ыллаабатахпытына, аны хаһан ылыахпытый? Сотору кэминэн гостуруолга турунуохпут, гыраапык оҥоһулла сылдьар.
Сотору гостуруол
— Билигин тугунан дьарыктанаҕын? Ханна үлэлиигин?
— Булуҥтан Хаҥалас улууһун дьаһалатыгар үлэлии кэлбитим. Онтон сыыйа быраабы араҥаччылыыр уоргаҥҥа көһөн, онно үлэлээбитим аҕыс сыл буолла. Бииргэ үлэлиир дьонум бары кэриэтэ кэнсиэргэ сылдьыбыттара, сөбүлээбиттэрэ. Кинилэр астыммыттарыттан бэйэм олус үөрдүм. Салалтам айар үлэбин өйдүүр-өйүүр, онон кинилэргэ махталым муҥура суох.
— Дьиэ кэргэннээххин дуо?
— Булуҥҥа үлэлии сырыттахпына Зинаида Иркутскайтан үөрэҕин бүтэрэн үлэлии кэлбитэ. Онно билсэн ыал буолбуппут. Герман диэн тоҕус саастаах уол оҕолоохпут. Оҕом бастаан ыллыырбын сөбүлээбэт этэ. Оннооҕор оҕо эрдэҕинэ киҥинэйэн ыллаатахпына, “ыллаама” диэн боборо. Билигин номнуо улаатан, барытын өйдүүр. “Икс-апп”-тар тустарынан интернеккэ ааҕан, телевизорга көрөн билэр. Ааспыкка оскуолатын гимнын үөрэппит этэ уонна “аҕаа, эн курдук буолуохпун баҕарабын” диэбитэ. Арааһа, ыллыан баҕарар быьыылаах.
Иккис тыын ылбыт “Икс-апп” бөлөххө ситиһиилэри, Леонидтаах Антоҥҥа саҥаттан-саҥа хит ырыалары, үрдүк чыпчаалы баҕарабыт!
Айтана АММОСОВА.