Ватсапка маннык ис хоһоонноох сурук тарҕанна:
«SOS! Природные аномалии в Абые: закрыты школы и детсады. В Абыйском улусе Якутии из-за погоды сложилась непредвиденная ситуация. На всей территории района вот уже две недели идут непрерывные осадки. 27 сентября повалил очень густой снег. По словам местных жителей, он шел, не прекращаясь ни на минуту, несколько суток. Затем пошел мокрый снег, местами переходящий в дождь, почти ливень. Образовались огромные сугробы почти 2-метровой высоты. Замело все подъезды и подходы к домам, многие не могут даже выйти, столько снега навалило в эти дни. В школах отменены занятия, закрываются детские дошкольные учреждения. Кончаются запасы воды«
Абый улууһугар, чуолаан Белай Гораҕа, хаар быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны хойуутук түспүт.
«Үлүннэриилээх да буоллар, хаар, кырдьык, олус түстэ уонна түһэ да турар. Мин көрдөхпүнэ, хас даҕаны сыллаах куорма. Алтынньы ыйга бульдозер суол хаарын анньыбытын уруккута өйдөөбөппүн. Билигин номнуо хаста да аста», — диэн кэпсиир Абый олохтооҕо.
Биһиги оскуола сабыллыбытын, иһэр уу бүтэн эрэрин туоһулаһаары Абый улууһун диспетчерскэй киинигэр эрийэн ыйыталастыбыт. Диспетчер: «Хаар түһэр. Элбэх. Ол эрээри оскуола, оҕо саада барыта үлэлии турар. Иһэр уу баар«, — диэн хоруйдаата.