Вячеслав Штыров: “Саха сирин экэниэмикэтигэр улахан айгырааһын тахсыа суоҕа”
Украинаҕа байыаннай операция тоҕо саҕаламмытын, утарыта турсуу дириҥ силистээҕин-мутуктааҕын, Арҕааҥы дойдулар Арассыыйаҕа биллэрбит санкциялара Саха сирин экэниэмикэтигэр хайдах дьайыан сөбүн туһунан Вячеслав Штыров Ютуб ханаалыгар санаатын үллэһиннэ.
— Бырабыыталыстыба араас эрэсиэрбэни бэлэмниир, бииртэн-биир ыйааҕы, быһаарыылары таһаарар. Бу курдук дьаһанабыт диэн бырбыыталыстыба былаана, бэрэсидьиэн ыйаахтара утуу-субуу тахса тураллар. Биллэн турар, уустуктар баар буолуохтара. Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин эттэххэ, улахан долгуйуу буолуо суохтаах. Тоҕо диэтэххэ, хайа хостуур бырамыысыланнаспыт уонна энергетикабыт салаата баар. Бу салаалар балачча тирэхтээхтэр. Сүрүнэ кинилэр бородууксуйаларын батарар ырыынакка наадыйаллар, холобур, бэлиитикэҕэ көхтөөхтүк кыттыбат Азияҕа, — диэн Саха сирин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Вячеслав Штыров бэлиэтиир.
Кини кириисис долгуна Саха сиригэр син-биир биллиэҕин бэлиэтиир. Сыана үрдүөн, ипотека хаамыыта бытаарыан, национальнай бырайыагынан кэтэспит субсидиябыт сарбыллыан сөп. Штыров сабаҕалыырынан, улахан айманыы тахсыа суоҕа. «Ол эрээри барытыгар дьоһуннаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт, бэрээдэк, дьиссиппилиинэ, үп ороскуотун кэппиэйкэтигэр тиийэ ааҕыы ирдэнэр. Кэлэр кэскил туһунан толкуйдуох тустаахпыт. Дойдубут кэскилэ, өрөспүүбүлүкэбит инникитэ уларыта тутууттан тутулуктаах. Ырынаак соҥнуур, тэрилтэ барыһы сырсыахтаах диэн сыыһа өйдөбүлтэн аккаастаныахха наада. Туох хайа иннигэр киһи турар. Стратегическай былааннааһыны сөргүтүөх тустаахпыт, биһиэхэ туһааннаах сүрүн хайысхалары инники күөҥҥэ тутуохтаахпыт», — диир кини.
Салгыы манна көр.
Людмила Попова, «Саха сирэ»